Алыптаах Алампа киэһэтэ

Саха норуотун духовнай оло5ор сыаната биллибэт үрдүк өңөлөөх саха улуу поэта, бастакы драматура, прозаига, тылбаасчыта, маңнайгы сахалыы хаһыаттары таһаарсыбыт бастакы суруналыыһа, «Чолбон» уус-уран сурунаалы төрүттээччи, Саха театрын тэрийсибит бастакы директор, бөлүһүөк, уһулуччулаах общественнай деятель А.И. Софронов личноһа, айар үлэтэ аа5ааччы киэң интэриэһин тардыан тардар.

Алампаны көрбүт киһи ахтыытынан, Анемподист Иванович саар тэгил уҥуохтаах, хайытыы хара баттахтаах, үрүт уоһугар тор курдук чачаран көстөр бытыктаах, уһун кырыылаах муруннаах, ыраас, арылхай харахтаах киһи. Кубархай хааннаах, хатыҥыр соҕус, курбачыйбыт, турбут-олорбут сытыы киһи этэ. Халтаҥ мааны хара соннооҕо, оннук бүрүүкэни аллара түһэрбит уонна ыраас бачыыҥкалааҕа. Олус борустуой, аһыныгас, киэҥ билиилээх үтүө киһи.

Сэтинньи 17 күнүгэр  Алампаны ытыктыыр уонна саха литературатын сэҥээрэр ааҕааччылар улуу убайбыт 130 сааһын түстүүр киэһэтигэр муһуннубут.Олоҕо, айар үлэтэ киэҥ-куоҥ буоларын быһыытынан, чуолаан Алампа таптал лирикатын туһунан сэһэргэстибит. Хотугулуу Илиҥҥи федеральнай университет профессора, педагогическай наука кандидата, Алампаны уһуйааччы Попова Галина Семеновна – Санаайа уонна кини устудьуона эдэр поэт Айаал Молокотин ыҥырыылаах ыалдьыт буолан ааҕааччылар сэҥээриилэрин ыллылар.

Саха литературатыгар тапталы танара уонна иэйэр кут (муза) оностон туойбут киhинэн Алампа диэн сымна5астык ытыктыы ааттыыр суруйааччыбыт А.И.Софронов буолар.

Урукку кэмҥэ Алампа драма жанрыгар ордук тууһугуран, табыллан үлэлээбитэ. Ол эрээри суруйааччы саныыр санаатын, оло5у көрүүтүн ордук толорутутк поэзиятыгар көрдөрбүтэ, саха киһитин айылгытын арыйбыта, кини уустук оло5ун эгэлгэлээн, дьүһүннээн эппитэ. Сүрэ5и ууллара уйадытар, дууһаны ытатар-ыллатар истиң-иһирэх айымньыларынан саха поэзиятыгар бастакынан лириканы киллэрбит умнуллубат үтүөлээх. Саңа төрүттэммит национальнай поэзия5а Таптал тематыгар дьоһуннаах айымньылары айбыта…

21 хоьоон киирбит лирическай дневник героинята, Алампа тапталын лирикатын бары хоhооннорун анаабыт киhитэ – 14 сыл бииргэ олорбут кэргэнэ, саха бастакы актрисата Евдокия Константиновна Яковлева-Гоголева буолар. 1891 с. төрөөбүт. Дьоно быстар дьадаңы буолан, Дьокуускайга киирэн Калинкин диэн саха атыыhытыгар сүөhү көрөөччүнэн үлэлээбиттэр. Дуня горничнайынан сылдьыбыт.Алампалыын түөрт сыл кэриңэ билсэн баран 1913с. муус устар ыйга холбоспуттар.Дьон көрүүтүгэр, Дуня үрдүк көнө уңуо5ун, маңан, толуу бэйэтин, сайа5ас майгытын бэлиэтииллэр. Олус үлэhит, асчыт, иистэнньэң, барыга ылба5ай, сыста5ас эбитэ үhү.

Таптал лирикатын «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр» (1914) хоhоон саҕалыыр. Манна көрүөхтэн кэрэ мөссүөннээх дьахтар дьүhүлгэнэ ойууланар. Лирическэй герой тапталлааҕын дьүhүнүн айылҕа кэрэ көстүүлэригэр холоон сө5өр-махтайар. Олоңхоҕо курдук сиэдэрэй тэңнээhиннэр солбуhан иhэллэр. Үрүңтэн атын өң суоҕа лирическэй героиня ырааhын, ойуччу кэрэтин көрдөрөр. Ону тэңэ, үрүң өң – тымныы өң буолара эмиэ биллэр. Алампа 12 хоһоон-ырыалаах. Түөрдэ нуотата суох, уоннааҕыта мелодиялардаах. Сүүрбэһис сылларга сэттэ ырыа киэҥник тарҕана сылдьыбыт. Алампа биир бастакы хоһоон-ырыатынан “Төрөөбүт дойдута” буолар. Иккис ырыанан ааттанар «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр» 1914 сыллааҕы хоһоонунан. Ырыа маҥнайгы варианын ырыаһыт Белоусов оҥорбут. Бу ырыа-хоһооҥҥо билэрбит курдук, Алампа кэргэнин, Евдокия Константинованы туойар. Маны саха маҥнайгы лингвиһэ С.А. Новгородов интимнэй ырыа ахсааныгар аахпыт эбит. Туойуу тылы-өһүн сөбүлээминэ Анемподист Иванович уларыппыт. Ырыа саҥа тиэксинэн барыта 4 тус туһунан мелодиялаах.

Бу урукку кэмҥэ уостан түспэккэ ылланар «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр» ырыаны  активист- ааҕааччыбыт Иннокентий Сивцев нарыннык, поэт иэйиитин тириэрдэн сүрдээх үчүгэйдик толорон, барыбыт да дууһабытын долгутта. Ону тэҥэ киэһэбитин ааҕааччыбыт Егор Дьячковскай уонна эдэр поэт айаал Молокотин Алампа араас кэмнээҕи хоһооннорун ааҕан дьон биһирэбилин ыллылар. Уонна киэһэбитин  Алампа ийэтинэн хаан аймаҕа, библиотекабыт ааҕааччыта Габышева Светлана Михайловна ыалдьыттаабыта олус киэргэттэ.

Ыалдьыппыт Санаайа Алампа таптал лирикатын, хоһоонноругар ойууланар образтарын, олоҕун туһунан кэрэхсэбиллээх кэпсээнэ дьон болҕомтотун сүрдээҕин тарта. Мустубут дьон бары умсугуйан туран иһиттибит. Галина Семеновнага өссө төгүл ыалдьыттаабытын иһин үрдүк махталбытын тиэрдэбит.

А.И Софронов – Алампа айыылартан анаммыт айааччы, саханы саргылыахтаах салайааччы, кырдьыгы кылбаччы туппут, көҥүлү көтөхпүт суруйааччы. Саха дьонун историятыгар биир дьоһун уонна үйэлээх өйдөбүлү хаалларбыт киһинэн Анемподист Иванович Софронов-Алампа буолар. Ону кини олорбут олоҕо, үлэлээбит үлэтэ кэрэһэлиир.

София Черкашина

SONY DSC
Санаайа уонна кини устудьуона Айаал Молокотин

SONY DSC

SONY DSC
ааҕааччыларбытын кытары уопсай хаартыскаҕа түһүү
SONY DSC
Ааҕааччыбыт – Иннокентий Сивцев

Оставить комментарий

Перейти к содержимому