Алаас сыһыы күөрэгэйэ – Эдьиий Морууса

Ахсынньы 15 күнүгэр Республикатааҕы көрбөттөр анал библиотекаларыгар сүҥкэн улахан суолталаах түмсүү буолан ааста. Мария Игнатьевна Константинова – Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, самодеятельнай композитор, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Нам нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕун, тыыл уонна үлэ бэтэрээнин, Республикатааҕы көрбөттөр анал уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотекалар ааҕааччыларын туһунан “Морууса” диэн уус-ураннаах документальнай киинэ уонна “Ытык киһибит эдьиий Морууса” диэн “саҥарар” кинигэ сүрэхтэниилэрэ буолан ааста.
Республика библиотекаларын үлэтин биир сүрүн хайысхатынан хараҕынан хааччахтаах дьону-кинигэ нөҥүө олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыылларыгар быстыбат ситим үөскүүрүгэр көмө буолар. Билэргит курдук кинигэ хайа баҕар киһиэхэ эрэллээх доҕор, истиҥ сүбэһит, киэҥ аартыгы арыйар сүҥкэн суолталаах.
Биһиги библиотекабыт 2014 сыллаахха, «Үрүҥ торуоска» ыйын чэрчитинэн Арктика уонна культура сылларынан сибээстээн Үөһээ Бүлүү улууһугар баран «Незакатное солнце» диэн убайдыы бырааттыы Куриловтар тустарынан тифлокомментарийдаах киинэ презентациятын ыыппыта. Үөһээ Бүлүүтээҕи биир идэлээхтэрбит бэйэлэрин туруорууларыгар биһиги көрдөһүүбүтүн быһа гыммакка былырыын Үөһээ-Бүлүү күннэрин чэрчитинэн манна кэлэн «Лоокуут уонна Ньургуһун» диэн тифлодьүһүйүү туруорбуттара. Онтон быйыл биһиги өр кэм устата бэриниилээх ааҕааччыбыт М.И. Константинова туһунан кинигэ тахсыбытын истэн баран бу кинигэни «саҥардарга» этии киллэрбиппит. Уонна эмиэ биир идэлээхтэрбитин кытта Үөһээ-Бүлүү күннэрин чэрчитинэн «Алаас сыһыы күөрэгэйэ» диэн ааттаан дьоһун түмсүүбүтүн «Морууса» диэн уус-ураннык уһуллубут документальнай киинэ сүрэхтэниитинэн саҕалаатыбыт. 2016 сыл Россияҕа Киинэ сылынан биллэриллибитэ. Биллэн туран, дойду библиотекаларыттан киинэни литератураны, искусствоны кытта ыкса сибээстээн сэҥээрээччилэргэ киэҥ хабааннаах, маассабай үлэни ыыталлара ирдэнэр. Ол курдук, онно сөп түбэһиннэрэн Үөһээ-Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотека үлэһитэ Д.Н. Павлова библиотека активнай ааҕааччытын үйэтитэр киинэ уһулла.
Онтон “Ытык киһибит эдьиий Морууса” диэн кинигэни Республикатааҕы көрбөттөр анал библиотекалара «саҥарар» кинигэ форматынан оҥордо. Кинигэни саҥардыбыт киһинэн буолар П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыската Елизавета Потапова. Кини биһиги библиотекабытыгар сыллата элбэх кинигэни ааҕар. Ол курдук, быйыл Мария Константиновна туһунан кинигэни аахта. Артыыс үлэтэ сүрдээх эппиэтинэстээх, бириэмэтэ суох үлэ буолар. Ону ол диэбэккэ, бириэмэ булан, көрбөт дьон кыһалҕатын өйдөөн, Елизавета Федотовна биһиэхэ кэлэн кинигэни саҥарда сылдьарыттан биһиги олуһун диэн үөрэбит. Биһиги библиотекабыт убаастабыллаах ааҕааччылара Белина А.В. уонна Спиридонов Н.М. бу кинигэни “истибиттэрэ” уонна манна кэлэн бэйэлэрин санааларын уллэстэн барбыттара сүрдээх кэрэхсибиллээх. Ыалдьыттарбыт болҕомтолоругар М.И. Константинова туһунан араас сылларга бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэлэр быыстапкалара туруорулунна.
Мария Игнатьевна 90 хаарыгар үктэнээри сылдьар ытык киһибит кэлбит ыалдьыттары олус долгуйан туран, истиҥник кэпсэттэ, бэйэтэ суруйбут ырыаларын да ыллаан долгуһутта. Кинини кытта алтыһан бииргэ музыкальнай училищеҕа үөрэммит дьүөгэлэрэ М. Е. Николаева, Саха республикатын норуодунай артыыската, С. Макарьевна Попова-Шестакова, Россия үөрэҕириитин туйгуна, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, А. П. Алексеева, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ үөрэн-көтөн бардылар. Бэйэлэрин эҕэрдэ тылларын эттилэр Ил Тумэн депута Филиппова М.С., Саха сирин мелодистарын Ассоциациятын салайааччыта Калининскай А.К., СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Көрбөттөр өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсустубаларын бэрэсэдээтэлэ В.Н. Николаев уо.д.а.
Түмсүүбүт Алексей Кириллович Калининскай мустубут дьону барыларын Мария Игнатьевна норуокка таптаппыт «Чэ, чэ…», «Оо, врач барахсан», «Өрүүнэлиир ыанньыксыт» ырыаларын ыллатан түмүктэннэ.
Рожина В.С., кэтэхтэн абонеменын сэбиэдиссэйэ
Эдьиий Морууса

SONY DSC
SONY DSC
SONY DSC
SONY DSC

Оставить комментарий

Перейти к содержимому