Мин өйдүүбүн дьикти түгэни
Эн миэхэ маҥнай кэлбиккин.
Эн албан ааккын мин билбэтим
Оччолорго кыра этим.
Ол ыраах тыаҕа баар оскуола
Уончалаах симик уолугар,
Курус хонуулаах хоһоон буолан
Эн киирбитиҥ мин дууһабар.
Онтон ыла бэл ый былыттан
Миигин көрдүүрдүү быгара,
Ыраах ааһар чуораан тыаһыттан
Сүрэҕим мөхсөн ылара…
Поэт Иван Горнай
“Мин Пушкиным”
Төһөлөөх кэрэ, уран тыллар кини аатыгар уонна хорсун быһыытыгар дьүөрэлээн айыллыбыта, хоһуйуллубута буолуой?! Иван Горнайга курдук, эйиэхэ, миэхэ, киниэхэ – бэйэбитигэр Пушкиннаахпыт эбээт! Улуу Пушкин хоһоонноро олох кыра оҕо эрдэхтэн үйэ-саас тухары арахсыспат аргыспыт.
Ол курдук бэс ыйын 7 күнүгэр көрбөттөр библиотекаларын кэтэхтэн абонемена А.С. Пушкин лирикатын, айымньыларын кэрэхсиир ааҕааччыларыгар, интернат – дьиэ олохтоохторугар анаан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар үгэскэ кубулуйбут тэрээһиннэргэ кыттыһан, сэргэх көрсүһүүнү тэрийдэ.
Биһиги бэйэбит үлэбитинэн, идэбитинэн саха суруйааччыларын пропагандалыыр, кэпсиир соруктаахпыт. Ол чэрчитинэн ааҕааччыларга туһалаах, көмөлөөх буоллун диэн «Пушкин уонна Саха сирэ» иһитиннэрии оҥордубут. Ол кэннэ хоһооннору ааҕыыга күрэх уонна поэт остуоруйаларынан викторина тэрийэн ыыттыбыт. Күрэххэ I миэстэни Наталья Никифорова, II – Валентина Гаврильева, III – Черова Евдокия ыллылар. Валентина Гаврильева Москвага үөрэммит сылларын, А.С. Пушкин памятнигын ахтан – санаан аһарда.
Түмүкпэр, Сахабыт сирин биир киэн туттар көрбөт поэта И.Н. Егоров – Горнай хоһоонунан ыстатыйабын түмүктүүрбүе көҥүллээҥ:
…Мэлдьи кэрэ, мэлдьи истиҥ,
Өйбүнэн кыайан кууспатым –
Ити соҕотох Эн этиҥ,
Мин сөҕөр, махтайар Пушкиным!
Пухова С.И.,
кэтэхтэн абонемент библиотекэрэ