Саха улуу олоҥхото… Оо, олус да дириҥ, киэҥ өй-санаа, билии-көрүү байҕала, уус-уран тыл күндү кылаата мунньуллан, үйэттэн-үйэҕэ сүппэккэ, саха киһитин кутугар-сүрүгэр иҥэн сылдьар сүдү айымньы буолар.
Норуот тылынан уус-уран айымньыларыттан бары өттүнэн баай ис хоһоонунан, уус-уран ойуулааҕынынан, толоруллуутунан, кээмэйинэн уратылаахтара олоҥхо буолар. Олоҥхо норуот өйүн-санаатын чыпчаала буолан, тугу барытын күүркэтиилээхтик, дьикти быһыыга-майгыга сигээн, уус-уран тыл талыытынан көрдөрөр. Ол иһин киһи уйулҕатын ордук аймыыр, норуоту иитэр күүһэ сөхтөрөр.
2005 сыллаахха биһиги Олоҥхобут Аан дойду үрдүнэн нематериальнай наследие шедеврын быһыытынан киэҥ билиниини ылбыта. Ол аата аан дойду бары норуоттарын улуу айымньыларын кытта тэҥҥэ биһиги, сахалар Олоҥхобут харыстаныллыахтаах, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһиэхтээх, сүтүө суохтаах диэн суолталаах. Бу билинии быйыл 10 сылын туолар. Cэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5-гэр диэри Республика үрдүнэн культура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ, Өксөкүлээх киинэ, ЮНЕСКО национальнай кэмитиэтэ, Олоҥхо театра, Арчы дьиэтэ, Олоҥхо ассоциацията тэрийиилэринэн Олоҥхо декадата ыытылла турар. Биһиги библиотекабыт бу тэрээһиҥҥэ эмиэ көхтөөх кыттыыны ылар, ол курдук биһиги тактильнай кинигэ, Брайль шрибинэн олонхолору оҥорон, бэчээттээн таһаарабыт. Ону тэҥэ быйылгы декада аһыллыытыгар, сэтинньи 25 күнүгэр, “Дохсун” спорткомплекска быыстапканан кыттабыт.
Олоҥхо декадатын чэрчитинэн бүгүн Республикатааҕы инбэлииттэр медико-социальнай уонна профессиональнай реабилитациялыыр техникум- интернатыгар “Олоҥхо алыптаах эйгэтэ” диэн тэрээһин буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ библиотека оҥорон таһаарбыт тактильнай кинигэлэрэ, Брайль шрибинэн бэчээттэмит олоҥхолор быыстапкаҕа турдулар, студеннарга Олоҥхо туһунан презентация көрдөрдүбүт уонна Олоҥхо институтун научнай сотруднига, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет аспирана, быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар Олоҥхону этиигэ Гран-при хаһаайына Юрий Борисов олоҥхолоон тэрээһиммитин киэргэттэ. Олоҥхоһуттар норуот бу сүдү баайын үйэттэн үйэлэр тухары, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ биэрэн, биһиги бүгүҥҥү күннэрбитигэр аҕаллылар. Олоҥхоһуттар чаҕылхай талааннарынан, абааһылары кытта күрэстэспиттэрин, уус-уран тыл көмөтүнэн ыарыылары, дьаҥнары кыайбыттарын, хаппыт мас көҕөрөн тахсыар диэри туойбуттарын тустарынан үгүс үһүйээннэри, номохтору истиэххэ сөп.
Студеннар Юрий Борисов олоҥхотун бэркэ умсугуйан иһиттилэр. Эдэр киһи олоҥхону толоруута оннук киһини тардар, сэргэх буолар эбит. Биһиги эдэр кэскиллээх олоҥхоһукка үгүс ситиһиини, үрдүк үктэллэри ба5ара хаалабыт!
София Черкашина