Суруйааччы диэн кимий? Олох усталаах туоратын төлкөлүүр дьоҕурдаах, тулалыыр эйгэ үтүө-мөкү өрүтүн анаарар сытыы харахтаах киэҥ билиилээх киһи. Саха суруйааччылара атын омук суруйааччылартан, мин санаабар, ураты уһун тыыннаах, сахам килбик кыыһыныы симик, ол эрээри сааскы хоһуун ньургуһун курдук хорсун айылгылаах айымньылаахтар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал библиотекалара 1967 сылтан үлэлиир. Бу кэмтэн ыла библиотека хас чэппиэр күн ааҕааччыларыгар анаан араас үгүс тэрээһиннэри тэрийэн ыытар. Ол курдук биһиги ааҕааччыларбыт саамай кэрэхсиир “Интэриэһинэй көрсүһүү” кулууп киэһэтигэр саха литературатын биир саамай таһаарыылаах, ураты тыыннаах суруйуулаах, дьон сэргэ таптаан ааҕар суруйааччыта Е.В.Слепцова- Куорсуннааҕы кытта көрүстэ.
Бу киэһэ ааҕааччыларбыт Елена Васильевнаны кытта алаадьылаах итии чэйдээх төгүрүк остуол тула олорон истиҥник сэһэргэстилэр. Кини тус, айар олоҕун таайтарыылаах сэһэнин сэргии иһиттилэр. Ордук Куорсуннаах киэҥ эйгэҕэ биллэр “Күлүк түһүүтэ”, “Аан талҕа” курдук улахан айымныларын тула кэпсэтии, ырытыһыы буолла. Суруйааччы өйүттэн хоһооннорун ис иэйиилээхтик ааҕарын сөҕө-махтайа иһиттибит, хомоҕой тылын-өһүн улуу Ойуунускайга тэҥнээтибит.
Маннык интэриэһинэй өйдөөх-санаалаах, олоххо муударайдык сыһыаннаһар дьоннуун көрсүһүү биһиги ааҕааччыларбытыгар куруутун күндү бэлэх.
Ааҕааччы санаата
Николай Михайлович Спиридонов – библиотека көхтөөх ааҕааччыта:
-Бу курдук биһиги нэдиэлэ ахсын библиотекабытыгар тоҕуоруһа мустарбыт олус үчүгэй. Онон библиотекабар махталым улахан.
Бүгүн хаһааҥҥытааҕар даҕаны ураты истиҥ тыыннаах иһирэх киэһэ буолан ааста. Таптыыр суруйааччыбытын кытары атах тэпсэн олорон, кэпсээнин эт кулгаахпынан истэн олус астына дуоһуйа турабын. Биһиги Куорсуннааҕы библиотекабыт оҥорон таһаарар саҥарар уонна брайль систиэмэтинэн суруллубут кинигэлэринэн ааҕан билэбит. Кини айымньыларын аахпатах, сэҥээрбэтэх ааҕааччы суоҕун тэҥэ, бары олус долгуйа кэтэһэн туран ааҕабыт. Мин Куорсуннаах “Аан талҕа” романын биир тыынынан ааҕан бүтэрбитим. Кинигэбин бүтэрээт сонно тута утаппыттыы иккистээн төхтөрүйэн аахпытым. Куорсуннаах псевдонима да кэпсииринии бу тыла-өһө баайа, айымньыларын сюжетын таба тайанан суруйара киһини угуйар дьикти алыптаах. Манна диэн эттэххэ, кини курдук улахан суруйааччы аныгы литератураҕа суоҕун тэҥэ.
Оксана Васильева