Кыайыыга кынаттыыр ырыалар

281    Ыам ыйын 9 күнэ. Бу күн Улуу Кыайыы Өрөгөйдөөх үөрүүтэ уонна ааһан биэрбэт кутурҕан биир тэҥ буолаллар. Быйыл Улуу Кыайыы 71 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиибит.    Күн дьыл аастаҕын ахсын биһиги көҥүлбүтүн көмүскээбит ытык кырдьаҕастарбыт аҕыйаан иһэллэр. Улуу Кыайыы кэлэрин туһугар 1418 түүннээх күн Улуу Ильмень, Москва оборонатын, Ленинград блокадатын, уотунан кырбаһар Сталинград, Курскай тоҕой, киэҥ нэлэмэн Украина кырыктаах кыргыһыыларыгар хорсуннук охсуспут саха чулуу буойуттарын умнуохпутун сатаммат.

Ыам ыйын 5 күнүгэр Дьокуускай куораттааҕы нэһилиэнньэни социальнай өҥөнөн хааччыйыы ситимин анал дьиэтигэр Улуу Кыайыыга аналлаах “Кыайыыга кынаттыыр ырыалар” диэн ырыа киэһэтэ буолан ааста. Ырыа киэһэтин культура үтүөлээх үлэһитэ, мелодист, библиотека иһинэн үлэлиир “Сайдыы” кулууп салайааччыта Алексей Кириллович Калининскай– Луҥха Өлөксөй иилээн-саҕалаан үрдүк таһымнаахтык ыытта.

Ырыа – дууһа иэйиитэ. Ырыа киһиэхэ дьайар истиҥ иһирэх иэйиилээх эрэ буоллаҕына, бу ырыа дууһаны таарыйар, киэн билиниини ылар. Сэрии кэмигэр ырыа туспа суолталааҕа, ол курдук ыарахан кэмҥэ санааны өрө көтөҕөр, норуоту сомоҕолуур дьикти күүстээҕэ. “Священная война”, “Прощание славянки”, “Катюша”, онтон да атын ырыалар төһөлөөх сэбиэскэй киһи сүрэҕэр иҥмиттэрэ, кыайыыга кынаттаабыт буолуохтарай? Киһи үөрэр да хомойор да түгэнигэр дууһатын арыйан, ыллыыр идэлээх. Ырыа- олох аргыһа.

“Кыайыыга кынаттыыр ырыалар” киэһэ долгутуулаахтык, өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Үгүс сэрии саҕанааҕы уостан туспэт ырыа ылланна, кэнсиэри көрө кэлбит дьон бары биир киһи курдук ырыа алыбыгар куустаран, ис сүрэхтэн долгуйан туран кыайыыны уһансыбыт ырыалары ылластылар, өссө да маннык тэрээһин ыытыллыах тустааҕын туһунан бэйэлэрин санааларын эттилэр.

Алексей Кириллович Калининскайга библиотекабыт ааҕааччыларын ырыа курдук үрдүк ирдэбиллээх искусствоҕа уһуйарыгар, ырыаны пропагандалыырыгар үрдүк махталбытын тиэрдэбит. Өссө да «Сайдыы» кулууп өр сылларга биһигини элбэххэ үөрэтиэ, үөрдүө, кэрэҕэ, сырдыкка угуйуо диэн эрэнэбит.

София Черкашина

Оставить комментарий

Перейти к содержимому