Бүгүн, балаҕан ыйын 14 күнүгэр, Д. К. Сивцев – Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 110 сыла. Саха сиринээҕи Суруйааччылар союзтарын историятыгар Дмитрий Кононович аата көмүс буукубаларынан суруллубута. Д. К. Сивцев литератураҕа аан маҥнай 1934 сыллаахха киирбитэ, онтон ыла ССРС Суруйааччыларын союһун чилиэнэ. Саха литературатыгар дириҥ социальнай ис хоһоонноох, умнуллубат уус-уран уобарастардаах тэттик кэпсээннэр авторын быһыытынан киирбитэ. Кини баара суоҕа сүүрбэччэ саастааҕар суруйталаабыт «Аанчык», «Сордоох суха», «Охоноон» диэн кэпсээннэрэ күн бүгүнүгэр диэри саха литературатын бастыҥ классическай айымньылара. Итинтэн салгыы «Чүөчээски», «Чөөчө», «Бэйэтэ эмтиэкэ», «Ачаа саһаана» курдук хрестоматияҕа киирбит кэпсээннэрин бары оскуола оҕото ааҕан, сэргээн улааттахпыт.
Ити курдук, Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 110 сылынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал библиотекалара Өрөспүүбүлүкэтээҕи кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интернат-дьиэлэригэр ыалдьыттаата. Суруйааччы айар-үлэтин тула кэпсэтиһии кэнниттэн, кини кэпсээннэригэр олоҕуран литературнай викторина ыыттыбыт. Викторина сүрүн соруктарынан буолар:
- интернат дьиэ олохтоохторун литератураҕа интэриэстэрин көбүтүү;
- билэр-көрөр баҕаларын уһугуннарыы.
Үөрүөх иһин, интернат дьиэ олохтоохторо Суорун Омоллоон кэпсээннэрин ааттарынан эрэ буолбакка, айымньы персонаһыгар тиийэ чопчу эппиэттээтилэр. Дмитрий Кононович кэпсээннэригэр сир-уот, герой характерын арыйыы туспа ураты суолталаах. Холобур:«… эһээ, мин эйиэхэ өлүүбүттэн икки курупчаакы алаадьытын киллэрдим уонна киэһэ дьонум утуйдахтарына алаадьыбын барытын киллэриэм, тииһэ суох киһи эн сиэҥ буоллаҕа дии, мин лэппиэскэ да сиэҕим, – диэтэ». Чахчы таба уобарастаан суруйуулара литература саҥа балаҕанын арчылаабыт, модун сарыныгар көтөхпүт классик суруйааччынан буолар. Түмүктээн эттэххэ, Суорун Омоллоон дьон икки ардынааҕы сыһыанын, герой бүөмчү санаатын, идея таабырынын ааҕааччыга тиэрдэригэр туттар уус-уран ньымата үгүһүн бэлиэтиир наадалаах.
Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон сырдык кэриэһэ биһиги сүрэхпититтэн хаһан да сүтүө суоҕа.
Рожина В. С., кэтэхтэн абонемент сэбиэдиссэйэ