Киэһээҥҥи сир көстүүтэ
Киһи үөрүөн курдук кэрэ,
Кэпсээмэ дуу эн сүүстэ:
Киниттэн суох ордук кэрэ,
Эмиэ сүрэх сүр күүскэ
Иэйии тыынын билэн тэптэ,
Этимэ дуу эн сүүстэ:
Итинтэн суох ордук кэрэ.
Сэбирдэхтэн сиик түстэ
Сэрэммиттии аргыый сиргэ,
Сэһэргээмэ эн сүүстэ:
Син биир суох ээ онтон кэрэ.
Эмиэ сүрэх сүр күүскэ
Иэйии тыынын билэн тэптэ,
Этимэ дуу эн сүүстэ:
Итинтэн суох ордук кэрэ.