Баалаама, эн миигин, баалаама,
Барабын мин мантан, барабын.
Эн миигин тута да сатаама:
Эйигин быыһаары барабын.
Кэрэчээн сибэкки тылларын
Ким ама көрбөккө барыаҕай,
Киниэхэ аҕалбыт ыллыгы
Кэмэ суох алҕаабат буолуоҕай?
Мин эрэ буолуоҕум, мин эрэ
Куотуна сатаабат хоруйдаах,
Мин эрэ буолуоҕум, мин эрэ
Буруйа суох эрэн буруйдаах.
Баалаама, эн миигин, баалаама:
Барытын баарынан этэбин.
Арахса сатыыр дии санаама:
Аһыыны мин эмиэ билэбин.