
Бүгүн, Олоҥхо күнүн көрсө, биһиги ааҕааччыларбытын кытта ытык Арчы дьиэтигэр сылдьан, үтүө алгыһынан арчыланныбыт уонна улуу олоҥхону иһиттибит.
Олоҥхоһут Егор Никифоров уус-ураннык хоһуйан, мустубут дьоҥҥо умнуллубат түгэни бэлэхтээтэ. Эдэр толорооччу баай тылынан-өһүнэн, дириҥ маастарыстыбатынан олоҥхону истээччилэргэ олус итэҕэтиилээхтик тиэртэ, куту-сүрү тутар гына иэйиилээхтик толордо.
Егор Никифоров – төрүт култуураны илдьэ сылдьар чаҕылхай ыччат. Кини Чиряевтар ааттарынан Дьокуускайдааҕы национальнай гимназияҕа үлэлиир. Идэтинэн историк, Саха Сирин устуоруйатыгар лиэксийэлэри, куурустары ыытар уонна кандидатскай диссертациятын суруйар.

Дьокуускайга улааппыт уол оҕо сааһыттан төрүт култуураҕа дириҥник умсугуйбута, дьаныһан туран сахалыы тыыҥҥа, төрүт үгэскэ уһуйуллан барбыта. Бүгүн Егор Трофимович олоҥхону толоруунан, хомус тардыытынан уонна оһуохай тылын этиитинэн истээччилэр куттарын-сүрдэрин тутар.
Бу кэрэ тэрээһин хас биирдиибитигэр сырдык санааны, духуобунай күүһү уонна үтүө туругу бэлэхтээтэ. Арчы дьиэтин үлэһиттэригэр уонна Егор Никифоровка истиҥ махталбытын биллэрэбит!
