Төнүннүм төрөөбүт дойдубар
Кэрэ сыал иппитэ угуйан,
Киһилиэ баара дуо оҕону.
Билии киэҥ аартыгын арыйан
Мин айсыах тустааҕым олоҕу.
Элбэхтик сүүрэммин-көтөммүн,
Элбэҕи билэммин-көрөммүн
Төннүөхтээх этим мин дойдубар,
Түү-куорсун анныммыт уйабар.
Ол эрэн биир иллээх кэргэҥҥэ
Олоҕу мин ыраах туппутум,
Бэрт элбэх сыалбыттан ол кэмҥэ
Билбэтим төһөтө туолбутун.
Арай бу араастык сылдьаммын,
Арай бу, apaaha, кырдьаммын
Төннөбүн мин бүгүн дойдубар,
Түү-куорсун анныммыт уйабар.
Оттон мин бу маны тоҕотун
Билбэтим, барыа дуо сэмэҕэ?
Айылҕа бэйэтин оҕотун
Бэйэтэ дьаһайан эрдэҕэ:
Өбүгэм саҥатын истэн дуу,
Өтөҕүм салгынын ахтан дуу
Төнүннүм төрөөбүт дойдубар,
Түү-куорсун анныммыт уйабар.