Күнү тута оонньуур,таммахтыын ыллаһар, туллуктуун үҥкүүлэһэр оҕо дьон үөрүү-көтүү көтөллөөх күүтэр-ахтар кэммит сандал саас тиийэн кэллэ!
Күннээх кэм үөрүүлээх түгэннэрэ, саныыр-ахтар кэм сырдык күннэрэ — саас барахсан ким дууһатын кылын таарыйбат, саҥаны-кэрэни туойбат-айбат буолуой? Кулун тутар 14 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал библиотекалара ылланар ырыа ыллыктаах “Сайдыы” кулууп чэрчитинэн “Сандал сааһы уруйдуу-айхаллыы!” диэн ырыа куттаах литературнай киэһэни Дьокуускайдааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэ – интернатыгар тэрийэн ыытта.
Бу киэһэ көрбөттөр уопсастыбаларын талба талааннаах, ырыаны-тойугу ымыы оҥостубут ырыаһыттара, көмүс куоластара Петр Андреев, Григорий Дмитриев, Константин Слепцов уонна ыҥырыылаах ыалдьыппыт Альбина Алексеева ыллаан-туойан олохтоохтору сэргэхситтилэр. Ону тэҥэ норуот бары кэмҥэ эргэрбэт духуобунай баайыттан, ол эбэтэр саха литературатын кылаатыттан, суруйааччылар саас туһунан суруйбут хоһооннорун истэн, ааҕан, сэргээн, санаа атыстаһан аастыбыт. Ол курдук уран тыл маастардара Күннүк Уурастыырап “Сааскыга”, Семен Данилов “Сааскы хоһооннор”, Пантелеймон Тулааһынап “Сааскы ырыа” уонна Петр Тобуруокап “Сааскы сахсаан” диэн хоһооннорун ырытан ырыабыт биэчэрин киэргэттибит.
Бу курдук истиҥник, сылаастык Дьокуускайдааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэ – интернатыгар ырыа куттаах литературнай биэчэрбитин түмүктээтибит.
Оксана ВАСИЛЬЕВА