Оччотооҕу олох ырыата-тойуга,
Олоҥхото-хоһооно атын буолуоҕа, —
Минньигэс уран тыллаахтар,
Мичиҥнэтэр эриэккэс тойуктаахтар,
Уйаҕас сылаас сүрэхтээхтэр
Улуу ырыаһыт аатырыахтара…
— диэн Былатыан Ойуунускай «Туруҥ, туруҥ, туойуҥ!» хоһооно Петр Николаевич Тобуруокап айар суолун кэпсииргэ дылылар… Кырдьыга да кини бар – дьонун кутун туппут дьиҥ- чахчы норуот суруйааччыта буолар. Үйэ аҥарыттан ордук кэмҥэ саха дьоно, сааһыттан тутулуга суох оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ, Тобуруокап ырыатын-хоһоонун күннэтэ ыллыы-туойа, араадьыйанан истэ, умсугуйа ааҕа сылдьабыт.
Алтынньы ый 25 күнүгэр оҕо литературатын классига, уостан түспэт үгүс ырыа автора, прозаик, драматург, сатира уонна юмор маастара, народнай бэйиэт Петр Николаевич Тобуруокап төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтээтибит.
Үөһээ Бүлүү кииннэммит библиотекаларын (директор Петрова Н.К.) иһинэн тэриллэн үлэлиир “Санаа ситимэ” литературнай түмсүү Петр Тобуруокап хоһоонноругар олоҕурбут “Таптыырга буруй суох” диэн дьүһүйүүнү бары сэргии, сөҕө-махтайа көрдүбүт. Бу дьоро күн поэт сырдык, чаҕылыҥнас юмордаах, олоҕу бигэргэтэр, үрдүккэ көтүтэр пафостаах айымньыларын, кэрэ поэтическай уобарастаах, уран чочуллуулаах, хомоҕой тыллаах ырыаларын Анна Дмитриева, Жанна Иванова, Григорий Павлов, Любовь Аммосова, Михаил Жендринскай уонна Юрий Гольдеров толорууларыгар долгуйа иһиттибит.
Манна даҕатан эттэххэ, Үөһээ Бүлүү кииннэммит библиотечнай ситимин кытта ыкса сибээстээхтик үлэлээбиппит номнуо 15 сыла буолла. Коллегаларбытыгар, чуолаан Дария Николаевнаҕа, үрдүктэн – үрдүк ситиһиилэри, саҥа саҕахтары арыйа турарыгар баҕарабыт!
Пухова С.И., кэтэхтэн абонемент