“Интэриэһинэй көрсүһүүлэр” – Лэгэнтэй.

 

Сэтинньи 2 күнүгэр “Интэриэһинэй көрсүһүүлэр” кулууп чэрчитинэн саха эстрадатын биир чаҕылхай сулуһа Иннокентий Васильев-Лэгэнтэй ылбаҕай ырыатынан үөрдэн, сэргэх кэпсээнинэн сэргэхситэн барда. Лэгэнтэй биһиги үгүс биэчэрбитигэр ырыа кэһиилээх күндү ыалдьыппыт буолар. Ол эрээри кинини кытары атах тэпсэн олорон, эн-мин дэсиһэн кэпсэтэр дьоро киэһэ бу күн үүммүтэ. Бэрт интэриэһинэй сэһэнньит, кэпсээнньит буолан сөхтөрдө. Оҕо сааһын, ыччат уонна студенческай кэмнэрин олус истиҥник, арыт дьээбэлээхтик кэпсээтэ. Ол олорон гитара доҕуһуоллаах олус кэрэ, нарын ырыаларын ыллаан мустубут дьон дууһаларын таарыйда.

Республикатааҕы лицей-техникум устудьуоннара уонна да атын ааҕааччылар олус дуоһуйан, астынан тарҕастылар.  

Евдокия Герасимова

 

Оставить комментарий

Перейти к содержимому