Сырдык ыраны түстүү

 Нарын иэйии кустугун

Намчы ырыа гыннарбын,

Сардаҥаны сиэтэммин

СаҺарҕаҕа илтэрбин,

Сарыал сырдык сулуҺун

Сүрэхтэргэ куттарбын…

Кулун тутар 22 күнүгэр көрбөттөр анал бибилэтиэкэлэригэр Светлана Иванова-Намыына “Сырдык ыра” – хоһооннорун хомуурунньугун сүрэхтэниитигэр анаммыт литературнай дьоро киэһэтэ буолан ааста.

Иванова Светлана Дмитриевна-Намыына иэйэр куттаах Далбар Хотун Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Догдоҥо нэһилиэгэр, 1967 сыллаахха балаҕан ыйын 16 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Кини икки оҕо күн күбэй ийэтэ, тапталлаах кэргэн. Светлана Дмитриевна төрөөбүт нэһилиэгэр 18 сыл устата «Туллукчаан” Оҕо уһуйааныгар бэриниилээхтик үлэлии-хамныы сылдьар. Улууһугар ыытыллар араас хайысхалаах үлэлэргэ өрүү актыыбынайдык кыттарын таһынан, “Таммахтар” литературнай холбоһук биир саамай тирэх ааптара буолар. Кини олус сэмэй, холку майгылаах. Хоһоону суруйуунан өссө оскуола сааһыттан дьарыктанар эбит, ол эрэн кэлиҥҥи кэмнэргэ эрэ хоһооннорун бэчээккэ биэрэр буолбут. Намыына маҥнайгы «Туллукчааннар» диэн кыра саастаах оҕолорго анаан хоһооннорун хомуурунньуга 1994 сыллаахха бэчэээккэ таһааттарбыта.

Бу күн сүрэхтэммит “Сырдык ыра” хоһооннорун хомуурунньуга 2017 сыллаахха киэҥ араҥаҕа тарҕанар гына бэчээттэнэн күн сирин көрбутэ, ааҕааччылар дьүүллэригэр тахсыбыта. Ону тэҥэ бу кинигэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал бибилэтиэкэлэригэр Брайль шириибинэн буруолаабытынан, күн бэҕэһээ бэчээттэнэн таҕыста.

Светлана Дмитриевна-Намыына хоһоонноро балай эмэ бэчээккэ араас сылларга тахсыбыттара, ол курдук «Чолбон», «Күрүлгэн» сурунаалларга, биһиги бибилэтиэкэбит «Көмүлүөк» сурунаалыгар Намыына хоһоонноро бэчээккэ тахсар буолбута хас да сыл буолла. Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Таммахтар» литературнай тумсуу 40 сыллаах юбилейын көрсө тахсыбыт «Саҥа сүүрээннэр» альманах кинигэтигэр, Улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ таһаарбыт «Кистэлэҥ иэйиилэр» кинигэҕэ айымнньылара бэчээккэ киирбиттэрэ. Маны таһынан Өрөспүүбүлүкэ араас муннугар олорор айар куттаах хоһоон суруйар дьон хомуурунньуктарыгар «Тапталтан тыллыбыт», «Сахалыы тыынынан» хоһооннор бэчээттэммиттэрэ.

Намыына ситиһиилэриттэн бэрт кылгастык сырдатар буоллахха, 2012 с. «Эркээйи» хаһыат 75 сылыгар аналлаах хоһоон күрэҕин кыайыылааҕа. 2015 с. «Тыл оһуорун тиһэммин» – улуустааҕы күрэххэ «Уйаҥ иэйии» анал аат хаһаайката, 2016 с. Иннокентий Михайлович Сосин аатынан киин бибилэтиэкэ ыыппыт күрэҕигэр ситиһиилээхтик кыттан «Талба талаан Хотун» анал бирииһинэн бэлиэтэммитэ. 2012 сылтан «Догдоҥо дорҕоонноро» айар түмсүү салайааччыта. «Эркээйи» хаһыат общественнай кэрэспэдьиэнэ. Светлана Дмитриевна-Намыына саха бэйиэттэрин айымнньыларын бастыҥ пропагандиһа.

Бу дьоро киэһэҕэ Намыынаҕа анаан эҕэрдэ тылларын, баҕа санааларын тириэртилэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал бибилэтиэкэлэрин дириэктэрин солбуйааччыта Алексеева Саргылана Владимировна, Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Ищниязов Ибрагим Михайлович, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун көрбөттер уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ Слепцова Нина Григорьевна, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун «Таммахтар» литературнай холбоһук салайааччыта, Саха өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын союһун чилиэнэ, «Ыра санаа» кинигэ эппиэттээх эрэдээктэрэ Августина Семеновна Владимирова-Хабарова уонна Мигалкин Иван Васильевич– поэт, тылбаасчыт, публицист, оҕо суруйааччыта, Саха өрөспүүбүлүкэтин Народнай поэта, СӨ суруйааччыларын союһун бэрэссэдээтэлэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.

Перейти к содержимому