«Төрөөбүт сирбэр, тапталлаах дьоммор…»

259    Н. Д. Неустроев – саха уус – уран литературатын классиктарыттан саамай эдэрдэрэ, нарын, истиҥ, уйаҕас дууһалаах кэпсээнньит, хоһоонньут, драматург, комедиограф, тылбаасчыт, фольклорист, чинчийээччи. Кини күн сиригэр баара – суоҕа 34 эрэ сыл олорон ааспыта, ол эрээри төһөлөөх элбэҕи, кэрэни, үйэлээҕи хаалларбытай!
«Куһаҕан тыын», «Оҥоруу кытаанах», «Тиэтэйбит», «Кукаакы кулуба», «Тар» пьесалара, кэпсээннэрэ, очеркалара норуот таптаан, умсугуйан ааҕар айымньыларынан буолбуттара. Николай Денисович сахалартан бастакынан драматургия жанрынан комедияны суруйууга үлэлээбитэ, кини пьесалара саха театральнай искусствота сайдарыгар улахан оруоллаах.

Республикатааҕы көрбөттөр анал библиотекалара быйылгы дьылга Н. Д. Неустроев 120 сааһыгар аналлаах кэтэхтэн литературнай викторина – күрэҕин биллэрбитэ. Күрэх сүрүн сыалынан суруйааччы уус – уран айымньыларын ааҕааччыларга тиэрдии, аатын үйэтитии, үүнэр көлүөнэ ыччаты уус – уран айымньыны ааҕыыга уһуйуу буолар.

Бу күрэххэ кыттыыны ыллылар көрбөттөр уопсастыбаларын чилиэннэрэ Абый, Мэҥэ-Хаҥалас, Нам,Хаҥалас, Үөһээ-Бүлүү, Сунтаар улуустарыттан.

Тэрийэр бөлөх иһинэн үлэлээбит дьүүллүүр сүбэ викторина боппуруостарын эппиэттэрэ сөбүн, ис хоһооно төһө аһыллыбытын көрөн уонна ис – тас көстүүтүҥ сыаналаан баран, маннык миэстэлэри анаата:

I миэстэ – Николаева Альбина Константиновна (Сунтаар улууһун Тойбохой нэһ.).

II миэстэ – Константинова Мария Игнатьевна (Үөһээ – Бүлүү улууһун Нам нэһ.).

III миэстэ – Слепцова Тамара Константиновна (Абый улууһун Киэҥ – Күөл нэһ.).

Күндү ааҕааччыларбыт! Кэлэн иһэр Саҥа 2016 сылынан! Кэлэр сылга өссө элбэх кинигэтэ ааҕыҥ, биһиги тэрийэн ыытар кэтэхтэн күрэхтэрбитигэр көхтөөхтүк кыттыҥ диэн туран баҕарыам этэ туйгун доруобуйаны, туох баар баҕа санааҕыт туоларыгар!

Рожина В. С., кэтэхтэн абонемент сэбиэдиссэйэ

Оставить комментарий

Перейти к содержимому