Амма Аччыгыйа – уран тыл улуу маастара

    262Тосхунньу ый 26 күнүгэр Республикатааҕы интэринээт – дьиэ олохтоохторугар анаан “Амма Аччыгыйа – уран тыл улуу маастара ” диэн саха народнай суруйааччытын, Саха Республикатын искусствотын үтүөлээх деятелин, П. А. Ойуунускай аатынан Саха АССР Государственнай бириэмийэтин лауреатын Николай Егорович Мординов – Амма Аччыгыйа 110 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир мероприятиялар чэрчилэринэн литературнай биэчэр буолан ааста.
Улуу суруйааччы олоҕун үгүс түгэниттэн, ахтыылартан наардаан бэсиэдэ; олоҕун кэрчигиттэн, уус-уран айымньыларыгар олоҕуран литературнай викторина уонна суруйааччы ахтыыларын, ыстатыйаларын, уус уран айымньыларын түмэн кинигэ быыстапката оҥоһулунна.

Саха советскай кэмнээҕи литературатын биир тулааһын баҕанатынан буолбут, талааннаах айымньыларынан албан ааттаабыт, суон сурахтаабыт норуот тапталлаах суруйааччыта, биллиилээх общественнай деятеля Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйа чаҕылхай уонна баай ис хоһоонноох олоҕу олорбута. Кини аата төрөөбүт норуотун дьоллоох тускулун кытта ыкса сибээстээҕэ, суруйааччы уонна гражданин быһыытын норуотун төлкөтүн төлкө оҥостубута, кини ыар да, дьоллоох да дьылҕатын дьылҕа оҥостубута, өрөгөйдөөх үтүө күннэрин үөрэ-көтө уруйдаабыта-айхаллаабыта.

Заочнай абонемент сэб. В.С. Рожина

Оставить комментарий

Перейти к содержимому