Саха буойун саллааттарын поэзията

284    Кыайыы күнүгэр анаан, ыам ыйын 17 күнүгэр, Капитоновкатааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интернат-дьиэлэригэр «Саха буойун саллааттарын поэзията» диэн музыкальнай-поэтическай тэрээһин буолан ааста.    Киэһэни саха буойун поэттарын туһунан презентациянан саҕалаатыбыт. Поэзия уонна ырыа сэрии кэмигэр үгүс буойуну кыайыыга кынаттаабыттара. Дьон кутун-сүрүн туппут, сүрэхтэригэр иҥпит, норуоту биир өйгө-санааҕа түмпүт, номоххо киирбит «Эйэ, дьол иһин» икки буойун саллааттар айбыт ырыалара быйыл 60 сыла туолла. Буойун-поэт Степан Иванович Тимофеев (1921) быйыл төрөөбүтэ 95, мелодист Георгий Максимович Никифоров (1926) 90 сылларын туолаллар. Тэрээһиҥҥэ СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Алексей Кириллович Калининскай–Луҥха Өлөксөйө Республикатааҕы көрбөттөр анал библиотекаларын иһинэн, “Сайдыы” ырыа кулуубун салайааччыта уонна кини үөрэнээччитэ педколледж устудьуона Татьяна Тихонова ыалдьыттаатылар. Алексей Калининскай: “Бу икки саха буойун уолаттарын албан ааттаах суоллара мэлдьи ахтылла, айымньылара дуорайа, ыллана туруохтара” диэн бэлиэтээн эттэ уонна тэрээһиммит иккис чааһын «Эйэ, дьол иһин» ырыанан саҕалаата. Кинилэр тыыннаах баян доҕуһуолунан кыайыы туһунан ырыалары дьиэрэтэн, ааҕааччыларбыт тэҥҥэ ыллаһан дуоһуйдулар. Биэчэрбитин ырыа күнүн гимнинэн түмүктээтибит. “Аны даҕаны кэлэ тураарыҥ, күүтүөхпүт” – диэн Капитоновкатааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр олорор дьиэлэрин олохтоохторо бэйэлэрин баҕа санааларын эттилэр.

Бу курдук Улуу Кыайыы 71 сылынан буойун – суруйааччылар албан ааттарыгар аналлаах тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста диэн бэлиэтиэх тустаахпыт.

Заочнай абонемент отделын сэбиэдиссэйэ В.С. Рожина

Оставить комментарий

Перейти к содержимому