Хаһан эрэ мин суруйан турардаахпын
Аарыма тиит туһунан алгыстаах хоһоону,
Бука, эҕэрдэ этээри буолуохтаахпын
Эмискэччи бүгүн санаам кэллим ол ону.
Эн даачаҥ таһыгар баар аарыма бэһиҥ
Уонна таптыыр Пушкиныҥ аарыма дууп мaha
Санаттылар миэхэ эйигин бэйэҕин,
Тугунан эрэ туох да сүр диэн маарыннаһа.
Аарыма мастары тулалыы үүнэллэр
Аны ыччаттара, кинилэри удьуордаан.
Аарыма мастар бэйэлэрэ кэлэллэр
раас буурҕалары, ыарыылары уҥуордаан.
Куруутун кинилэр холбоһо охсоннор
Хоннохтоох дьыалаҕа холобур буолааччылар.
Аарыма да мастар, аарыма да дьоннор
Аҥаардас ол иһин ааттана турааччылар.
Оттон эн, ол мастар курдук, бэйэҥ эмиэ
Аарыма Тиит аарыма Сэмэнэ дэнэҕин
Ол кэннэ сахаларга биир саамай бэлиэ,
Биир саамай дьээбэрэҥ поэтынан биллэҕин.
Эн уочаркаларыҥ уонна тылбаастарыҥ
Тыһыынчанан дьон сэҥээриитин ылбыттара.
Көрдөрдүҥ эн тыыннаах киһи тыыппалааҕын,
Күүстээх-уохтаах буоларга бар дьоҥҥун ыҥыра.
Ол курдук эрэ бу өрүстэр, алаастар
Өҥ-быйаҥ олох үөрүүтүнэн туолуохтара,
Аарыма да дьоннор, аарыма да мастар
Аан дойдуну мэлдьи аатырда туруохтара!