Аарыма тиит силиһэ-мутуга
Хас сыл ахсын хаттар-хатар.
Ону көрөөт, бэл киһи омуна
Айдаара иһэн ах барар.
Кини биллэдэ, бу аарыма тиит
Кэмэ-кэрдиитэ кэлбитин,
Кыһыҥҥы тымныы, сайыҥҥы итии
Аны киниэхэ син биирин…
Ол эрэн киһи эмиэ, бу мастыы,
Уйгулаах олох туһугар
Үүнэ-чэлгийэ, үлэлии-хамсыы
Үйэтин барыан баҕарар.
Оннук олоҕу одуулуу-сиилии
Сорохтор ыһа сатыыллар,
Дойҕохторун, дьол курдук, бэлэхтии
Дьону-сэргэни аймыыллар.
Үлэһит киһи үтүө илиилээх:
Аһын-үөлүн анньан биэрэр,
Бэлэми аһыыр билбэт идэлээх:
«Аҕыйах»,— диэн ааһа түһэр.
Хантан билиэй, килиэ таас киһитэ
Хас туораах ылар сыратын…
Олус диэн кутталлаах ол билбэтэ:
Урусхаллыан сөп барытын.
Аарыма тиит силиһэ-мутуга
Хас сыл ахсын хаттар-хатар.
Бу маннык баараҕай тиит оннугар
Дьэ хайдах мас үүнэн тахсар?..