АЙАР ҮЛЭ

Аа-дьуо санаа тиһиллэр

Алып-чарай саптаах,

Албан аата иһиллэр

Айар үлэ – аптаах.

 

Ыарыыр-чэпчиир кэмнэрдээх;

Ыраах сылдьан эрэ,

Ыһыктыбат идэлээх

Ыллардаргын эрэ.

 

Саҥаттан-саҥа сапка

Санааларгын тиһиэҥ –

Caнaaҥ өссеө туолбакка,

Салгыы баран иһиэҥ.

 

Kөҕөрүү кэмэ

Күндээрэн-сандааран олус.

Саһарыы кэмэ

Сааһырыы кэминии курус.

 

Сааһырбыт киһи

Санаата оонньуур эдэрдии,

Саатар ол иһин,

Сарыалым, сандаар мичээрдии!

Перейти к содержимому