АНЫ ХАННЫК ДА ХОҺООННОРУ

Аны ханнык да хоһооннору

Аахпат буоллулар дэһимэҥ,

Айыыта-буруйа суох дьону

Айыылаах курдук этимэҥ.

 

Өйдөөбөттөр диэн үҥсэргээмэҥ,

Ыарахаттар диэн ытаамаҥ.

Сэҥээрбэттэрин сэһэргээмэҥ,

Ылымматтарын ыллаамаҥ!

 

Айыҥ, иэйиилээх хоһооннору,

Ааҕааччылар көстүөхтэрэ,

Суох буоллахтарына, сотору

Субу сиргэ төрүөхтэрэ.

Перейти к содержимому