АҺЫЫКАЛАР

Дууһам миэнэ куруук ахтар

Толоонугар, ойууругар

Аһыҥалар буолбатахтар,

Аһыыкалар ойуолууллар.

Тута ойор бэйэлэрэ

Тугун бэрдэй кэрэлэрэ!

 

Ойуур, толоон аһыыката

Оботтуйбат күөҕү сииргэ,

Холобур, ат аһыыката

Куурдуох этэ сири биирдэ.

Кэрэ кэми кэпсээн ааһар

Кинилэр биир аналлаахтар.

 

Оҕо сааспын санаабычча

От-мас быыһын одуулуубун.

Киммин умнан быһаччыта

Кинилэри сойуолуубун,

Ытыспынан саба баттаан

Ылар баҕа туох да баһаам.

 

Буурдьут киэнэ ааттаахтара

Бука ону сэрэйэллэр,

Кыһыл уһун атахтара

Кыычыр гынаат мэлийэллэр.

Кураанаҕы кууспут бэлиэ:

Кулгаах-харах буолар эмиэ.

 

Чугас этэр аһыыканы

Чопчу баран тутуллара,

Тоҕо эрэ ол суох аны —

Тула биир кэм кутуллара

Халлаан хайда, сир ньиргийэ

Ханнык эрэ симфония.

 

Аһыыкалар этэллэрэ

Аан дойдуну толороро,

Үгүс тыас-уус эгэлгэтэ

Өрө кыыран олороро,

Ити курдук күнү быһа

Этэллэрэ былдьасыһа.

 

Сир-сир-сыр-сыр,

сик-сик-сык-сык —

Сирдиргэтии, сырдырҕатыы.

Тыал дуу тыаһыыр, тыа дуу маннык

Тыһыынчанан кырыымпалыы?

Үрдүк сайдыы оскуолата

Үөрэниэн сөп музыката.

 

Маннык арай мин быыкаабар

Айылҕаҕа иһиллэрэ,

Араас өҥнөөх аһыыкалар

Ахсаабакка этэллэрэ.

Аҕыйах күн быйыл манна

Арааһа ол хатыланна.

Перейти к содержимому