Киһи үйэтин тухары
Кинини кытта охсуһар:
Ким эрэ таптыыр куттарын,
Ким эрэ ону бопсуһар.
Арыгы туһунан хоһоон!..
Аата, тиэмэ бараннаҕын,
Суоҕу-баары холботолоон
Суруйуох сир баппатаҕын!..
Ким билбэтин баран эмиэ
Кэлиилээри соруннулар,
Сөбүн көрөн дьон аһыан-сиэн
Сүгүннээмээри гыннылар?..
Арыгы — абааһы аһа,
Атарааба, дьаат дэһэллэр,
Онтон эрэ ытыы сыһа
Оҕолорун сэрэтэллэр.
Ахталлар мэлдьи арыгы
Аҥардас куһаҕан өттүн,
Эн ол туохха аҕалбытын
Билигин бэйэҥ көрөҕүн.
Аны туран хоһоонунан
Албыннаһан эрдэхтэрэ,
Холуннарыы хоботунан
Хоппотторун биллэхтэрэ.
Арыгылыыр куһаҕанын
Арыгыһыт эмиэ билэр,
Ол эрэн буллун даҕаны
Утаппыт курдук кэтэрдэр.
Кэннэ кэтинчэ да буоллун,
Кистэнэ-хайыы сатаабат:
Кини да, атын да буоллун —
Ким баарый испэт-аһаабат?!
Атас-доҕор көрсүһүүтэ,
Ааты-суолу бэлиэтээһин,
Үтүө-өҥө төлөһүүтэ,
Үксүн түбэһиэх иһээһин…
Иһэн бар да иэдээн төрдө
Итийии-кутуйуу диэн баар,
Ити сылдьан уопсай көргө
Итирэн хаалыы эмиэ баар.
Сарсыныгар саппаҕырыы,
Саныы-саныы саатыы бөҕө,
Онно дьэ быыһыы-абырыы
Бытыылка кэлэр көмөҕө.
Арыгы обургу аба
Аа-дьуо ыллар-ылан иһэр,
Ааттастыҥ диэн аһыммакка
Аат айаҕар анньан кээһэр.
Амтаһыйбакка аһааһын,
Иһиттэммэккэ иһээһин,
Аана суох арыгылааһын,
Иитэ суох итириктээһин…
Онтон омурт арыгыны
Олох сыалынан оҥостуу,
Олоххо онтон атыны
Ончу да билиммэт буолуу…
Киһи барахсан итинник
Киһи аатыттан ааһаахтыыр,
Эстэн бүтэн баран кини
Иккистээн тура сатаахтыыр…
Арыгыны ким даҕаны
Арҕаа, илин кыайа нлик,
Бопсо сатаан баран аны
«Бу — күндү ас!» — дииллэр эбит.
Аһы ас курдук аһааһын —
Араас омук муудараһа:
Арыгы абын ааһааһын
Алдьархайы ууратара…
Бүгүн, арыгы олохпут
Аргыһа буолбут кэмигэр,
Ыксаан ардыгар сорохпут
Ыралыы саныыр иһигэр:
Арай арыгы туһунаи
Ахтыбат буол дьиэ кэргэҥҥэ,
Арай уочарат уһуна
Айдаарбат буоллун тиэргэҥҥэ,
Арай киһи онно туран
Абатыйа санаан кэллин:
Аатын-суолун, чиэһин умнан
Арыгыга бэриммитин,
\
Арай сарсын ыччат дьонум —
Баҕар уолум, баҕар кыыһым —
Ахсарбакка ааһа турдун
Арыгылаах маҕаһыыны…
Оччоҕо мин этиэм этэ:
Оҕолорум, кытаатыҥ диэн,
Былыргы саха киһитэ
Быыкааны да испэтэ диэн.
Киһи баһын быһа тэбэр
Кини кымыс утахтааҕа,
Сирдиин-буордуун ситимнэһэр
Силистээҕэ-мутуктааҕа.
Эн биһикки ону суохтаан
Эппит-хааммыт өлүгүрэр,
Эбии өссө иһэн-аһаан
Эстиэхпит баар бүтэһигэр.
Ити эрэн хоһоонунан
Эйигин мин үөрэппэтим:
Эн бэйэҥ да бу туһунан
Элбэҕи санаан эрдэҕиҥ.