Суоҕунааҕар баара ордук.
Сурунаалга, хаһыаттарга
Суруйар дьон бука бары,
Сону бастыҥ сонун курдук
Сураһар дуу ааһааччыга
Субуйабыт ахтыылары.
Хоьоонноро, кэпсээннэргэ
Куһаҕаттар, үчүгэйдэр —
Холобура, уобарастар.
Ол иһин дьон кинилэргэ,
Бэйэлэрин да биллэллэр,
Оччо-бачча уордайбаттар.
Оннук буолбат ахтыыларга.
Онно биллэр аатыҥ-суолуҥ
Уонна хайдах олорбутуҥ,
Ол иһин дьон хас биирдии тылга,
Омуо буоллун, кырдьык буоллун,
Уурар туспа болҕомтотун.
Онон ахтыы өһүргэстээх –
Ahaҕaстык, сирэйинэн
Онно мээнэ суруйбаттар.
Aҕыйах ээ киэҥ көҕүстээх –
Алҕас тылы, биллэринэн,
Адьас онно тулуйбаттар.
Уонунан уһун ахтыылар,
Олус элбэх буоланнар дуу,
Олох биирдик суруллаллар.
Уонна уһун ол ахтыылар,
Уота-күөһэ суох буолан дуу,
Уһаабакка умнуллаллар.
Баарынааҕар суоҕа ордук.
Субу курдук ахтыылары
Суруйартан туттунуоҕуҥ.
Суоҕунааҕар баара ордук.
Мантан атын ахтыылары
Мантан антах суруйуоҕуҥ!