Аатырбыт этиини ахтан ыллахха,
Арассыыйа сайдыытын былыргыттан
Атахтааччыларынан буолаллара
Аан бастакынан куһаҕан суоллара.
Омуннаах эрээри оруннаах этии,
Ол эрэн биһиги этиэҕиҥ эбии:
«Уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ
Улуу тоҥ дойдуну умнумаҥ», — диэн.
Ол дьоҕус сирдээх дьон суоллара, биллэр,
Ооҕуй оҕус ситиминии эриллэр,
Оттон биһиги бэрт өр күүппүт суолбут
Уһунтан-уһун уонна көнө буолбут.
Кэмниэ-кэнэҕэс кини дьэ тутуллан
Киэҥ Сахабыт сирин биир уһугуттан
Ыраахтан-ыраах атын уһугар
Ыппыт охтуу ыҥыра субуллар.
Кыра, улахан кыахтаах массыыналар
Кыһалҕата суох кый-бырах сырсаллар,
Саха атыныы аны кинилэр
Сайыны, кыһыны билиммэттэр.
Ыҥыырдаах, сыарҕалаах айанныыр урут
Ыйы ыйынан айанныыр суолбутун
Көлөһөлөөх аппытынан билигин
Күнүнэн эрэ көтүтэн кэлэбит.
Бүлүү суолун бырыыта-бадараана
Бүгүн үһүйээҥҥэ эрэ хааллаҕа.
Бүттэ кэлэр кэм кэскиллээх суола,
Бүтүн Саха сирин сайдар суола.
Тутулунна дьон улуустан улууска
Кэлэ-бара турар киин уулуссата,
Ол иһин даҕаны биһиги суолбут
Уһунтан-уһун уонна көнө буолбут.
Уруй-айхал улуу тутааччыларга,
Олоҕу тупсара сатааччыларга!
Өрүүтүн маннык үксүү турдуннар
Үтүө дьону кытта үтүө суоллар!