БОЛУОСАККА

Арай биирдэ, аламай маҥан күн

аан дойдуга ыһыыта күлүмүн,

Кыччыгыйкаан диэн кылаан кыргыттар,

Оччугуйкаан диэн омун уолаттар

Куораттарын киин болуоссатыгар,

Курутуой дьон өссө суохтарыгар,

Бырааптарын иһин охсуһаары,

Быһаччыта, собостуопкалаары,

Холбоһон баран хос уулуссаттан

Кутуллан кииртэрэ, уулуу устан.

 

Уонна дьэ онно саҕаламмыта

Улуу миитин. Кини өр барбыта.

Кыргыттар, уолаттар трибуунаҕа

Кыраһыабайдара, улуулара!

Кыраларын олох умналлара,

Кырдьыктарын манна булаллара

Саҥаттан саҥа араатар тахсан

Саҥарара абаран-сатаран,

Хаһаанылла сылдьыбыт тыллара

Хаһаахтан хостуурдуу кутуллара.

 

Ити уоттаах-төлөннөөх тыллары

Этэр уолаттары-кыргыттары

Болҕойон ахан истибит норуот

Бу мантан эрэ көҥүлүн булуох

Өрө-санаата өрүкүйбүтэ,

Үүнэ-тэһиинэ төлөрүйбүтэ,

Эмискэ инник диэки хаампытын

Бэйэтэ да билбэккэ хаалбыта.

Болуоссат үрдүнэн “Ураа” хаһыы

Унаарыйбыта ыраах сатарыы.

 

Барааттыыр болуоссаты толору

Бачча эрдэ мустубут дьоннору,

Уопсастыба олоҕун-дьаһаҕын

Огдолутаары дьаһаммыттарын,

Бастаан сиэр курдук сэрэтэлээри,

Бадаҕа, онтон кэһэтэлээри,

Ол улуу айдаан буолбут сиригэр

Омуоннар тиийэн кэлбитттэригэр,

Киинэҕэ уһуллааччылартан атын

Ким да суох этэ онно букатын.

Сатаан да төһөнү сатыахтарай!

Кистиэхтэрэ дуу сааларын арай!..

Омуоннар ол эрэн куоппатылар,

Оннооҕор мух-мах да буолбатылар:

“Киирсии сыанатын киинэҕэ оонньуу

Кэллибит”, – дэстилэр күлэ-оонньуу.

Охсуһууну оонньуур диэн биллэр суол,

Онно бэлэм эҥин наадата суох –

Дубиинкалар өрө күөрэйдилэр,

Турар дьону тута үрэйдилэр.

 

1997 сыл.

Перейти к содержимому