Аттаах, сатыы, табалаах
Ааһара бэрт ахсааннаах
Айан суола кураанах,
Айыы ыала тулаайах
Кэрэ мааны кыргыгтар
Кэргэн тахсан барбачтар,
Көрдөөх-нардаах уолаттар
Күтүөт бэрдэ буолбаттар
Оруос бурдук, арыы, эт
Оҕуһунан тиэллибэт,
Ыраах тыаттан даҕаны
Ырдан суох аны.
Булан-талан олорбут
Булчут-алчыт дьоннорбут
От-мас саҥа ситиитэ
Барбыттара сэриигэ.
Ойор куннээх олохпут,
Уунан ыспыт уот курдук,
Эмискэччи умуллан
Эргийбитэ муҥунан.
Оттуу-мастыы тахсаллар
Оҕонньоттор, дьахталлар,
Аас-туор олох дьиэлэри
Арыйталыыр киирээри.
Балаҕаттар тымныылар,
Маһы эрэ барыыллар,
Аччыктаабыт, тоҥмут дьон
Арахсыбат оһохтон.
Хоспохторго, ампаарга
Ас киллэрэ-таһаара
Оччо ким да тиэстибэт,
Орох суолу тэпсибэт.
Урут үүппүт үлүгэр
Үрүт турар үгэҕэр
Астаах-үөллээх чабычах
Аны адьас аҕыйах.
Ийэм нуорма бурдугун
Уонна тугу булбутун
Ытык астыы кэмчилиир,
Ыйбыт бүтүо ыраах диир.
Ac көрдөөн ытаатахха
Аһыннар да ийэбит,
Бу аны санаатахха,
Букатын биэрбэт эбит.
Өлүүгүттэн ордугу,
Өллөнүөҕүҥ курдугу
Сатаммата биэрэрэ
Саппаас аһын сиэтэрэ.
Өлбөт эрэ бэтэрээ
Өттүнэн үссэнээхтээ:
Аһын сыыһын быһа сиэн
Аҕыйах дуо быстар диэн!..
Арыылаах лэппиэскэни
Арай түһээн сиэҥ ини —
Олоробут хааһынан,
Уу-хаар курдук аһынан.
Бу ас аата бутугас,
Буруйа диэн убаҕас.
Уу-хаар ас диэн уу-хаар ас,
Ол эрээри ол да ас.
Арыт ардыгар баҕас
Абыраллаах бөҕө ас,
Былыргыттан маннык ас —
Быстыаҥхаҕа бастыҥ ас.
Ол биһиги даҕаны
Уоттаах сэрии саҕана
Бутугастаан аһааммыт,
Бука, тыыннаах хааллахпыт.
Аһа-үөлэ тиийбэтэх
Аан дойдуга бэрт элбэх.
Кэмчи-харыс дьон баара
Киһи аймах биир баайа.
Кэмчиһиттэр, харыстар
Кэччэлэртэн атыттар