Бухатыыр курдук, эн тураҕын бу манна
Алааһыҥ солколуу суугунуур ачата
Эн диэтэх киһини тобугун аннынан
Тоҥхоҥнуу, хоҥкуҥнуу турар бу.
Кинини кэһэриҥ, үрдүнэн көтөрүҥ,
Сүөһүгэ сиэтэриҥ – эн бэйэҥ көҥүлүҥ.
От – уйгу быйаҥ диэн охсоруҥ-мунньарыҥ,
Уурарыҥ-тутарыҥ – ол эмиэ көҥүлүҥ.
Ол эрэн умнума, күннээн да сылдьаҥҥын
Төрөөбүт алааһыҥ түптэтин буруотун,
Бу сиртэн күүс ылан бухатыыр буолбуккун–•
Аны эн тобуктаан тоҥхоҥноо киниэхэ!