БЫРААТТЫЫЛАР

Коля быыкаан быраатын

Коляскаҕа соһон кэлэр-барар.

Сааскы салгын ырааһын!

Сашка төһө эрэ абыранар.

 

Коляскатын тохтотон

Коля арай эргиллэн көрбүтэ,

Саҥата суох олорон,

Сашката утуйан хаалбыт этэ.

 

Коля олус ыксаата,

Коля бэйэтэ да бэрт кырата:

Салгын сиэхтээх быраата

Тахсаат да бу утуйа сытара.

 

— Сашка, маамаҥ туох диэҕэй

Салгыны сиэбэккэ утуйбуккун?..

Сааскы салгын сибиэһэй!

Сашка, ыл уһугун, ыл уһугун!..

Перейти к содержимому