БЫРАСТЫЫЛАҺЫЫ

Уу чуумпу, сөп-сөрүүн ойуурун-тыатын

Уйгулаах салгынынан тыына-тыына,

Сөбүлүүрүнэн сылдьан кырдьаҕаспыт

Сүүһүн туоллар ханнык дии

санаабыппыт,

Сүрэҕэ баҕарбыт үлэтигэр

Сүһүөҕэ кыайбатах түгэнигэр

Сүпсүктээх түбүк сөрүү тардан,

Сүр соһуччутук илдьэ барда.

 

Ол эрээри кини курдук

Уостубат тэтимнээх дьоннор

Бу сиргэ онтон атыннык,

Бука, сатаан олорботтор.

Айаллар-туталлар кинилэр өрүү

Айа-тута үөрэммиттэринэн,

Кэлбитэ баар буолар ол кэмҥэ өлүү

Бэйэлэрэ да билбэттэринэн.

 

Бэлиэ олоҕу олорон бэрт дьоһуннук

Биһигиттэн бүгүн барда эмиэ оннук

Саха литературатын саҕаласпыт

Саамай уһун үйэлээх биир

кылаассыкпыт.

Кини үгүс кэрэ айымньылара:

Кэпсээннэрэ уонна дыраамалара

Хрестоматия буолан ааҕылла

Кэлэр көлүөнэлэргэ хааллылар.

 

Быдан дьылларга быраһаай,

Күкүр Уус, Сайсары, Айаал!

Айан кээспит эн уобарастарыҥ —

Аны билигин эн аргыстарыҥ

Элээннии, кэккэлии сырсыахтара,

Эн ааккын ааттата сылдьыахтара.

Суруйааччыга онтон үйэлээх, үрдүк

Суох буолуоҕа, бука, атын өйдөбүнньүк.

 

Бу санньыар күннэргэ, бар дьонум,

эһиги

Бу курус тыллары өйдөөн дуу кэбиһиҥ:

Орто дойду сүпсүктээх олоҕуттан

Олус эрдэ охсуу ылбат туһуттан

Олох да ыраах сылдьыҥ киниттэн,

Ордук сэттэ уон сааскыт кэнниттэн —

Кырдьаҕас киһи ол курдук ардыгар

Кыра да охсууну ыардык ылынар.

Перейти к содержимому