Ветераннар, ветераннар,
Биирдии кэлэн тураҕыт,
Сыллар-күннэр ыраатаннар
Сылайбыттыы туттаҕыт.
Кэтэһиини-манаһыыны
Кэрэйбэккэ кэллэххит:
Аны араас маҕаһыыны
Маныыр — эһиги үлэҕит.
Оттон уһун уочараттар
Ойдон биэрбэт кэлимнэр,
Онно туран уолдьаспыттар
Оргуйарга бэлэмнэр.
Көҥүүр курдук көрүүлэри
Көрбөтөҕө буолаҕыт,
Толуоннаргыт өлүүлэрин
Тутаат тута куотаҕыт…
«Ветераннар, ветераннар!..» —
Мэҥийэбит мунньахха,
«Ветераннар, ветераннар!..» —
Мэктиэлиибит уураахха.
Ууга-уокка умайбатах
Оҕо дьоннор кинилэр
Оннук өрүү кыайа-хото
Олоруохтаах үһүлэр.
Ону баара оҕонньоттор
Оҕолоохтор, сиэннээхтэр,
Олус араас олохтоохтор,
Омсолоохтор, сиэрдээхтэр.
Хабыр кэмнэр геройдара
Ханна эрэ сырсаллар —
Биһигини кытта арай
Ветераннар сылдьаллар.
Олорор дьон быһыытынан
Уочаракка кэлэллэр,
Олох суолун кытыытынан
Оҕонньоттор иһэллэр…
Хаһан эрэ кырдьаҕаһы
«Хааһахха сүгэ сылдьан»,
Ытык киһиттэн алгыһын
Ылаллара үһү дьон.