ГАРМОНИЯ

Айылҕа барыга лоп-бааччы,

Уурбут-туппут курдук барыта,

Мапы гармония диэн ааттааччы

Корбут эрэ бука барыта.

 

Араас он нор тэггҥэ дьүөрэлэһэн

Айаллар дьикти айылҕаны,

Толоро сатаама ол иһин эн

Чорботон биир эрэ баҕаны,

 

Ол баайтан оҕус, ат соһуоҕунан

Ууруиа сатаама олүүгүн,

Ол курдук айылҕа сокуонунан

Ылбытыҥ саҕаны толүүгүн.

 

Үүттэн сүогэйин холбуйар курдук,

Үорүүтүн эрэ эн ылыма,

Арыьптан уутуы араарар курдук,

Атынын эн антах анньыма.

 

Арахсыспаттар үорүү-хомолто,

Өлуү-тиллии орүү бииргэлэр,

Ону ойдөобүт эрэ олоххо

Гармония диэн тугун билэр.

 

Оонньуур күҥҥэ уон араас кырааска,

Чаҕылҕан, этиҥ дапсылҕана —

Үчүгэй да бу кэмҥэ алааска,

Минньигэс даҕаны салгына!

 

Оо, мин дойдум ойуура, алааһа,

Оһуордаах-симэхтээх күох саата —

Ол барыта биир косгүү арааһа,

Гармония диэн кини аата.

 

Айылҕа барыта лоп:бааччы,

Уурбут-туппут курдук барыта,

Бу маны олоххо баҕарааччы

Муударай буолуохтаах кырата.

Перейти к содержимому