ДУУҺАМ МИЭНЭ СЫРДААТА

Тоҕо эрэ ол күөх саастыы

Дууһам миэнэ сырдаата,

Ол күөх сааһы саныы-саныы

Ордук кини сырдаата.

 

Онно ыраах саһарҕалар

Уоттаах кыымы ыһаллар,

Уостан иһэн салҕаналлар

Уонна эмиэ кыыһаллар.

 

Тоҕо эрэ ол күөх мастыы

Дууһам миэнэ ыллаата,

Ол күөх маһы саныы-саныы

Ордук кини ыллаата.

 

Мутукчалар, сэбирдэхтэр

Муора курдук тыаһыыллар,

Көрдөөх-нардаах сибэккилэр

Күнү көрсө ыллыыллар.

 

Тоҕо эрэ ол күөх саастыы

Дууһам миэнэ сырдаата,

Ол күөх сааһы саныы-саныы

Ордук кини сырдаата.

Перейти к содержимому