Туох маннык бу куруук
Долгутар киһини:
Дорҕоон дуу, дуораан дуу,
Туох билиэй кинини?
Дуорайар кулгаахпар,
Доргуйар мэйиибэр,
Хоһоонньут дуу ааппар
Холбоһор иэйиибэр.
Сүүрүк ат кэриэтэ
Сүрэҕим битийэр,
Көмүстээх карета
Көстөөт да мэлийэр.
Уон күн дуу, уон сыл дуу
Ол курдук турабын,
Тойук дуу, ырыа дуу
Толорор дууһабын.
Дохсун кэм дуораана
Тохтообот туох иһин,
Хас тылын уораана
Хаарыйар сүрэхпин.
Caҥapap саҥабар
Саатар ол баар буолуо,
Аа-дьуо аахпыт, баҕар,
Атыны да булуо…
Мин икки кинигэм
Билигин ыраахтар,
Тапталы, кэрэни
Тарҕатар сыаллаахтар.
Бу үһүc кинигэм,
Бука дьэ сайыста,
Уон сыллаах бөхпүттэн
Оронон таҕыста.
Уон сыллаах мин үлэм
Ордуга, тобоҕо —
Уостубут уот күлэ,
Уолбут уу холоҕо,
Ол эрэн ол да мин
Олоҕум буоллаҕа,
Онтон да дууһам син
Умайан ыллаҕа.
Туойар дуу курдугум
Туох өйбөр киирэрин,
Ис дьиҥэр мин ону
Испэр өр иитэрим,
Ол иһин баҕардым
Оо, эмиэ этиэхпин,
Туойбуппун барытын
Дьоҥҥо мин тиэрдиэхпин.