Оҕо ойо санаата ырааһынан
Санатар, дииллэр, ыраас кумаахыны:
Кини туох үчүгэйи, куһаҕаны —
Барытын ылынар хайдах баарынан,
Ол иһин да олус көнө киһини
Оҕо курдук диэн одуулууллар ини.
Оҕо улаатар, Олох кирэ-хаҕа
Мааны бэйэтин марайдаан кэбиһэр,
Оччоҕо киниэхэ уһуктан кэлэр
Эмиэ оҕо курдук олорор баҕа,
Онно да ким эрэ одуулаан этиэ
Оо, киһибит оҕотугар түспүт диэн.
Иннинэн сирэйдээх, икки атахтаах
Үллэр үйэтигэр, саллар сааһыгар
Илэ бэйэтинэн, ис санаатынан
Иккитэ эрэ олорор бадахтаах:
Ол бастакыта олох кыратыгар,
Оттон иккиһэ олох кырдьарыгар.
Алтыһар олоххо араас көлүөнэ,
Ордукпун диир онно эдэр колүонэ,
Саарбах суох кини уруккулардааҕар
Санаата саҥатынан ордуктааҕар,
Ол аайы үрдүүр өй-санаа мөккүөнэ,
Ол аайы сырдыыр дьон-сэргэ моссүөнэ.
Оҕо, онтон уолан, онтон оҕонньор —
Ол уһун кэм усталаах-туоратыгар
Киһи киһи дуу, кии дуу буоларыгар
Олох диэн биир эрэ оонньуу оонньонор,
Биһиги ол курдук хотон, хотторон
Ааһабыт бу сиргэ олох олорон