КӨМПҮҮТЭР ҮЙЭТЭ

Аан дойду олоҕун эйгэтэ,

Apaaha, олус диэн кэҥээтэ.

Ханнык да киһи таах бэйэтэ

Халлааны хастыыра элбээтэ.

 

Олохпутугар көмпүүтэр диэн

Урут суох дьикти мал баар буолла.

Хас биирдии тиэргэн, хас биирдии дьиэ

Рок-музыка тыаһынан туолла.

 

Эдэр ыччат, көҥүл кэллэ диэн,

Күүһүн-уоҕун көҥдөйгө ыытта.

Биир Ким эрэ ону үөрэтиэн,

Биллэ сатаан бэйэтэ сыыста.

 

Оҕо аймах таһырдьа тахсан

Оонньообот, күлбэт-үөрбэт буолла,

Күннээҕи олохтон арахсан

Көмпүүтэр суох көрүнэн туолла.

 

Бу олох тиэрэ эргийиитэ!..

Бу манна эмиэ наада буолла

Суруйааччы сонун этиитэ

Эбэтэр поэт истиҥ тыла.

 

0ҕолоор, поэт диэн дьэ кимий?

Туох-ханнык дьиктилээх киһиний?

Ол ону бэйэтэ быһаарар

Олох да судургу ардыгар.

 

Аан бастатан туран, эһиги,

Аҕыйах-элбэх диэбэккэҕит,

Ааҕыҥ кини айымньыларын

Ааныттан бука барыларын.

 

Билиҥ кинилэр истииллэрин

Итиэннэ ис айылҕаларын.

Кэрэхсээҥмтугу кэпсииллэрин,

Арыт туохтан айманалларын.

 

Кинилэр төһө дириҥнэрэ

Уонна төһө кырдьыктаахтара

Кэлин хайаан да биллиэхтэрэ,

Кэлэр кэмнэргэ дьайыахтара.

 

Поэт олорор ыратынан,

Барыны кыайар сыратынан,

Тахсан дьаарбайар тыаларыгар,

Таарыйа сылдьар ыалларыгар.

 

Кини үлэлээтин даҕаны

Үлэлээбит курдук улэлиир:

Саҥаттан саҥа кумааҕыны

Санаатын суруйан бүтэртиир.

 

Поэт сүрэҕэ – хоһоонугар,

Поэт дууһата – ырыатыгар,

Кини кырдьыга — куолаһыгар,

Кини кылаата — тылларыгар.

 

Устар олох тыалын өксүөнэ

Үрдүн, 6aҕap, сөп-сөрүүнүнэн,

Эһигини поэт көрсүөҕэ,

Эҕэрдэлээн, истиҥ үөрүүнэн.

 

Поэт киһи сырдык мөссүөнэ

Барыбыт өйүгэр итинник.

Ол ону хас caҥa көлүөнэ

Оҕото иҥэриэ дириҥник.

 

Сир саара хайа бардаҕына,

Aahap үһү хайаан даҕаны,

Пояс аайытын долгуннуран,

Поэт сүрэҕин ортотунан.

Перейти к содержимому