КӨҤҮЛ СУРУНАЛЫЫСКА

Сороҕор, көҥүл суруналыыс,

Суруйаҕын эн өйгүттэн —

Баҕардар үлүннэр, ба5ар сыыс,

Ирдэбил суох эйигиттэн.

 

Билииҥ аҕыйах буоллаҕына —

Миистикэни суруйаҕын,

Сырыыҥ кыаллыбат буолаҕына—

Сымыйалаан куһуйаҕын.

 

Иһиттиҥ дуу, истибэтиҥ дуу —

Иилэ хабан ылааччыгын,

Тыыннааҕы, өлбүтү хоруотуу

Тылы-өһү ыытааччыгын.

 

Ким эрэ сакааһын толорон

Кими эрэ үөҕээччигин,

Абааһыны айыы оҥорон

Аат-суол ылан үөрээччигин.

Онтугун кыайыынан ааҕынан

Улаханнык туттааччыгын,

Онтукаҥ кэлин арааһынан

Эргийиэҕин умнааччыгын.

 

Эн өйүн-санааҥ  хайдаҕый да,

Быһыыҥ-таһааҥ эмиэ оннук.

Эн быһыыҥ-таһааҥ хайдаңый да,

Тылыҥ-өһүҥ эмиэ оннук.

 

Солуута суох суруналыыһы

Сураҕа баран аатырдар,

Ол иһин сорох уолу, кыыһы

Омуннаах тыл ордук тардар.

 

Ис кута суох тыл элбэҕиттэн

Ийэ тылбыт иинэр-хатар.

Хас биирдии киһи эдэриттэн

Ону өйдүүрэ сатанар.

Перейти к содержимому