КӨРСҮҺҮҮЛЭР

Кулууптарга, оскуолаларга

Көрсүһүүлэр, көрсүһүүлэр,

Улахан, кыра остуолларга —

Сибэккилэр, сибэккилэр.

 

Чаҕылыһаллар сулустардыы

Харахтар сырдык уоттара,

Сууллаллар миэхэ суккуурдардыы

Ытыстар ыллыыр уохтара.

 

Онтон эмиэ уу-чуумпу буолар,

Иһиллэр мин эрэ саҥам.

Ити курдук ардыгар туолар

Эмискэ баҕарбыт баҕаҥ.

 

Мин бу тугунан абылаатым

Билэр, билбэт да дьоннорбун?

Кэрэхсээтилэр дуу ааҕаатын

Кинигэбэр хоһооннорбун?

 

Онно олохпун суруйбутум,

Ол иһин барыта кырдьык,

Элбэх эрэйи тулуйбутум,

Ол иһин барыта сырдык.

 

Олохпор уруккум, аныгым

Барыта үтүө туһугар,

Ол иһин буолуо — бүгүн тылым

Дьоннору ордук долгутар.

 

Бааллар ээ бу манна, бадаҕа,

Ааҕа-ааҕа аймаммыттар,

Кыраларыттан кыһалҕаҕа

Бэйэм курдук сылдьыбыттар.

 

Олохторугар араас баарын

Онтон сиэттэрэн ахталлар,

Кистэлэҥ кэрэ санааларын

Кинилэр бүгүн аһаллар.

 

Истиэхтэн эриэккэс тыллары

Этэллэр-тыыналлар онно,

Кэрэтик да кэпсииллэр бары,

Ол уйан дууһалаах дьоннор.

Мин хоһооннорбун кинилэргэ—

Миигиннээҕэр уйаннарга,

Кырдьаҕастарга, эдэрдэргэ

Кыһаллабын суруйарга.

 

Хаһан да, ханнык да үйэҕэ

Үчүгэй тыллар өлбөттөр.

Кинилэр кэнники бэйэҕэр

Кэрэ бэлэхтии төннөллөр.

 

Мэктиэлиир курдуктар дии ону

Бэртээхэй бу көрсүһүүлэр,

Ааҕааччыларым хоһооннорбун

Аны да син күүтүүһүлэр.

Перейти к содержимому