Былыр оҕо сылдьаммын
Быыра ойор куобахха
Уһун кылы ыламмын,
Оонньуу сатаан буолбакка,
Туттахпына сиэрибин
Туһах хатан иитэрим.
Оччолорго биһиэхэ
Уоттаах сэрии турбута.
Дьолго куобах мэнээгэ
Дьонтго көмө буолбута.
Оҕо, дьахтар барыбыт
Онно бултуу барарбыт.
Оттон бүгүн ол дьонуҥ
Эйигинниин санаабыт,
Бүтүн саха омугун
Хоргуйууттан быыһаабыт
Куобах, куобах барахсан,
Куобах, куобах барахсан!
Ойуур көмүс симэҕин
Оҕолорбут таптыыллар,
Ити эрэн сэрэниҥ —
Эмиэ саалар тыаһыыллар…
Атыл сиртэн куобахтар
Аптамааттан куоппаттар.
Бу бултааһын буолбатах,
Бу таах кырган кэбиһии.
Бука бүгүн да куобах
Бултаныахтаах киһилии.
Баҕар эмиэ туһахтааҥ,
Мааны кыылы харыстааҥ.
Оттон күһүн, доҕоруом,
Оҕо-уруу умнумуон,
Куорат киинин буламмыт,
Хорҕолдьунтан кутаммыт
Махталбытын куобахха
Пааматынньык тутуохха!
2005 с.