КҮН СИРИН ОҔОТО

Оо, мин да син сааһырдым быһыылаах,

Оҕонньор дэппитим ыраатта,

Ол эрэн ол туох буолуой хас саастаах

Уостары билбэт ыралаахха.

 

Сүрэх баҕатын сүһүөх уйбаттаах,

Кырдьыы кырыыһа диэн ол аата.

Соҕотох ол эрэ биир кыайбаттаах

Күн сирин оҕотун санаата.

 

Бүгүн халлаан бүттүүнэ былыттаах,

Бүгүн олох олус кытаатта.

Мантан киһи бэйэтин быыһыахтаах,

Бу ыарыы булбута ыраатта.

 

Киһи мэлдьи инники барыахтаах

Сырдыкка, кэрэҕэ, ырааска;

Мэлдьи көҥүлүн туруулаһыахтаах

Ханнык да хабараан былааска.

 

Кини барытын кыайа сатыахтаах,

Киириэм диэн куттаммакка саакка.

Дьиҥнээх сыаннас диэн дьэ ол

буолуохтаах —

Тэҥэ суох ханнык да кылаакка.

 

Дьол чыычааҕа чуопчаара ыллыахтаах

Ырайга буолбатах, алааска.

Ситини киһи ситиһиэх тустаах

Сиргэ биирдэ төрөөбүт аакка.

 

Күн сирин оҕото күөх былаахтаах

Күн аайы таҕыстын бараакка.

Киһи олоҕо кэрэ буолуохтаах

Сир диэн ааттаах сиэдэрэй аакка!

 

Перейти к содержимому