Ыанньыйбыт былыттар
ыараатар ыарыыллар.
Тулаайах таммахтар
«топ» гына түһэллэр,
Үөһээнэн куугунаан
үөр тыаллар үрэллэр,
Талахтар талахха
охсуллан тыаһыыллар.
Сэбирдэх тылынан
сипсийбэт мин тулам,
Хомустар, иирэлэр
хоҥкуһан тураллар,
Курустук, мөдөөннүк
долгуннар усталлар —
Холкуйан барабын
мин улам, мин улам.
«Тук-тук-тук» тоҥсуйар
соҕотох тоҥсоҕой,
Сүрэҕим тэбиитэ
сөрү-сөп түбэһэр…
Мин дууһам бу кэмҥэ,
бу кэхтии кэмигэр,
Муҥнанар бэйэтэ
букатын холкуйар…
Күөл уҥуор иһийэр
кураанах ходуһа,
Хаһан да ол онно
күөх сайын кэрэтэ
Көҕөрөн-наҕаран
ааспатын кэриэтэ…
Оннуккун дии бүгүн
мин дууһам, мин дууһам.