Биһиги күн тура-тура
Бииртэн биир көстүүттэн сөҕөбүт,
Хас сир аайы, холобура,
Хартыына дьиктитин көрөбүт.
Ортотунан быстыах курдук
Быры-быакаҕар кымырдаҕас
Оту-маһы хас да хонук
Оргул буолуор диэри тас да тас.
Онтуката бугул буолан
Олорор ойуур саҕатыгар,
Кыйма курдук онно туолан
Кымырдаҕас бөҕөтө сырсар.
Кып-кыра кымырдаҕастар…
Кимнэрий-туохтарый кинилэр?
Этиҥ бастаан, кырдьаҕастар,
Этиэхтэрэ онтон эдэрдэр.
Туох буолуой ол эдэрдэрэ?!
Туойбат инилэр билбэттэрин?
Кэпсээн-ипсээн эрдэхтэрэ
Ким көрбүтүн, ким истибитин.
Бэйэтин саҕа көмүһү
Көтөҕөр, cohop куустээх бэрдэ
Бу аан дойдуга баар үһү
Соҕотох кымырдаҕас эрэ.
Кыһыл, хара кымырдаҕас
Кыра да буоллар, кырбадаһын:
Сүр диэн ыарахан таһаҕас
Сүгэһэр да буолбат букатын.
Ону тэҥэ өссө кини
Сылайбат-элэйбэт үлэһит.
Ол ханныктаах да киһини
Улаханнык сөхтөрөр эбит.
Кымырдаҕас бииһин курдук
Кыра да дьон бииргэ буоламмыт,
Бэрт уустук дьыаланы ордук
Биһиги кыайабыт куолааммыт.
Кымырдаҕас холобура –
Кылаабынай күүс кыайыыларга,
Биһиги күн тура-тура
Бэлэммит оннук дьайыыларга.
Улуу иэдээн турдаҕына,
Оннооҕор урукку өстөөхтөр
Охсуһаллар бииргэ аны,
Олоҕу саҥалыы өйдөөннөр.
Аны ийэ айылҕаҕа
Истиҥ кинилэр сыһыаннара —
Тиэрдиэ суоҕа алдьархайга
Тиэрэ байбыт дьон сыыһалара.
Аа-дьуо биһиги даҕаны
Аанньаллар курдук олоруохпут,
Туора хаалларан барыны
Тустаах сыалбытын толоруохпут.
Кыһалҕалаах бу үйэҕэ
Кыахпытын-күүспүтүн түмүөхпүт,
Кыра, улахан үлэҕэ
Кымырдаҕас курдук түһүөхпүт.
Былыр сахалар итинник,
Быһаара хайыы барбаккалар,
Хайгыы көөртөрүн дириҥник
Хааллараллара тылларыгар.
Үйэлэр ааһан, ол тыллар
Үгүс санаанан туолаллара
Уонна үрдүк өй арыллар
Өс хоһоонунан буолаллара.
Хаһан эрэ ол тыллары
Хатылыахпыт турдаҕа эмиэ:
«Кыайан-хотон тахсар гына
Кымырдаҕас курдук түһүҥ», – диэн!