КЫРАППАMААННЬЫЙА

Киэһэ буоллун, сарсыарда буоллун

Киһи үлэлиир кэми билбэккэ, —

Илиис кумаа5ы эрэ туоллун,

Элбэх тыл сымсах эҥин диэбэккэ.

Кыраппаа аайытын манньыйа,

Кырааскалаан да кини суруйар.

Арааһа, кыраппамаанньыйа

Айымньыны бу маннык солбуйар.

 

Манна хас биирдии тылтан кини

 Маҥнайгы курдук үөрбэт, долгуйбат:

Тылы сатаан дьүөрэлиир киһи

Тыыннаах хоһоону мэлдьи суруйбат.

Сотору кылыһах кытары

Сотуллан хаалар кини тойугар —

Хайыы сах хал буолбут тыллары

Хааһахтан хостуур курдук субуйар.

 

Дэлэҕэ даҕаны буолуо дуо,

Кыраппамаан аатырамаары бары

Ити тылы дьэ ылыммаппыт дуол,

Ол эрэн оннук ааттыы атыттары.

Кыраппамаан этин диэн, дьиҥинэн,

Элбэҕи суруйар киһи ааттанар,

Арыт кэрэни айан кэбиһэн,

Ол сылдьан кини аар саарга аатырар.

Хас биирдии саҥа саҕалааччы

Хайдах да улуутун иһин бастаан

Эмиэ итинник суруйааччы,

Эбэтэр ол аата кыраппамаан.

Киниттэн, баҕар, бэрт сотору

Киэнньий даҕаны тахсан кэлиэҕэ:

Кэмэ суох сөхтөрө дьоннору,

Ким да эппэтэх тылын этиэҕэ.

 

Көр, ол онон кыраппамааннар

Көннөрү дьон буолбатах эбиттэр:

Бааллар онно бастыҥ талааннар,

Бар дьоҥҥо өссе биллэ иликтэр.

Кыраппамаанньыйа ол аата —

Кырдьыга да кыбыстыыта суох тыл!

Кини киллэрэр дьиҥ кылаата

Кимнээҕэр да элбэх буоллун быйыл!

 

Оччоҕо кыраппамаанньыйа

Оҥорон таһаарбыт хоһооннорун

Атаһа матыыбамаанньыйа

Ыла охсон ырыа оҥорбутун —

Урукку курдук: «Оо, дьэ бу ырыа!

Бу улуу ырыа!» — диэччи аҕыйыа5а…

Оннук эрэ ортоһуор да ырыа

Улуу диэн аатырбыта уурайыаҕа.

Перейти к содержимому