КЫРГЫТТАР

Caаһы быһа эн таах сордоноҕун,

Сатана уола баара:

Саманнык  эр бэрдэ соҕотоҕун

Саарбахтаан туруо Саара.

 

Арааһа, эн таах саакка киирэҕин,

Абааһы уола баара:

Анаан аххан айбыт лиирикэҕин

Ахсарыа суоҕа Лаара.

 

Маратыйыа онтон тылыҥ-өһүҥ,

Маҕай аллааҕым баара:

Бастыҥ киһигин диэн аны күһүн

Барсыа биллибэт Маара.

 

Кыыһыран турума кыһыыгыттан,

 Кырдьык сирдэрбит баара —

Кыыһар дии ол тапталын кыымыттан

Кырдал кыыhа Кылаара.

 

Таах сордоннум диэн эн сүөм түһүмэ,

Тапталтан куоппут баара —

Тахсар дии ол тапталын көрсүһэ

Тайҕа кыыhа Тамаара!

 

Кыргыттар, оо, кыраһыабайдара,

Кырдьаҕастара баара —

Кыталыктыы кынтаҥнаһаллара,

Кыһаллаллара баара.

 

Ити эрээри ол кинилэртэн

Эйиэхэ сөптөөх баара,

Эйиэхэ сөптөөх ол кинилэртэн,

Иһит, биир эрэ баара.

Перейти к содержимому