КЫЫЛЛАР

Үөнү да өлөрбөт туһугар

Үрдүкү өйдөбүл дьулуһар,

Кыыл, көтөр кыратын сиэһэрин

Сэмэлиир дьоһуннаах сиэринэн.

 

Эһэлэр, бөрөлөр, сиэгэттэр —

Сорох дьон ейүгэр сиэмэхтэр.

Дьоннор ол дьоннордуу саныыллар,

Кыыллар ол кыыллардыы аһыыллар.

 

Биллибэт төрүттэр сиэннэрэ,

Мин бүгүн хаамтара, сиэллэрэ

Сыыйабын сыһыылар иэннэрин,

Кэмниибин киэҥ тыалар киэптэрин.

 

Мин аҕам, мин эһэм, хос эһэм,

Этэргэ дылы, эн мин дэһэн

Бултаабыт-алтаабыт сирдэрэ

Көрсөллөр дьиксинэ, сэрэнэ.

 

Массыына, тыраактар суоллара

Барбыттар мастары суулларан —

Мааны сир бааһырбыт иэннэрэ

Барыта аны дьон сиэҥнэрэ.

 

Бөдөҥ да, кыра да өлүктэр

Бүтэйдии сытыйан бүппүттэр,

Хойобул буоланнар куоппуттар

Хойутун, бука, бу буолбуттар.

 

Өлөрөн-өһөрөн сааһыттар

Оо, көҥүл көрүлээн ааспыттар,

Кинилэр сии-аһыы үөрэнэн,

Кэлэн бу барбыттар үөрүнэн.

 

Биллибэт төрүттэр сиэннэрэ,

Мин бүгүн сирбинэн сиэллэрэ,

Кыыс кэрэ дойдубун өйдөөтүн,

Кыыллыйыы диэн тугун өйдөөтүм.

Перейти к содержимому