КЫРЫНААС

Кырдал тоҥуу хаарынан,

Кылыыһыттыы, кырынааспыт

Кыаҕа-күүһэ баарынан

Кыырайталаан аххан ааспыт.

 

Уҥа атах уруттуур,

Хаҥас атах хаалан ылар,

Олдьу-солдьу суруктуу,

Ол барыта хаарга сытар.

 

Кутуйахтыы, күүдээхтии

Куруҥ диэки ыстаннаҕа,

Куртуйаҕы да сиэ дии,

Хонон хаарга сыттаҕына.

 

Кырынаас түүтэ-өҥө —

Кылбаа маҥан кырдал хаара,

Кутуругун төбөтө,

Хоруо курдук, арай хара.

 

Онон ойуур хаарыгар

Ол элэҥниир хара мэҥи

Хараҕынан аатырар

Хара суор да көрбөт ини…

Перейти к содержимому