Дьикти үчүгэй ааты булунан
Дьиҥнээх сирэйин сапта-сапта,
Хайҕанар баҕалаах кубулунан
Хайдахтаах курдук мааһын тапта.
Кини аан бастаан кинигэлэртэн
Атын дьон санаатын хомуйда
Уонна ону араастык эргитэн
Улахан тырактаат суруйда.
Ол суруйуу уустук иирбэтиттэн
Дьон бастаан улуу диэн долгуйда,
Онтон бу маннык өс киирбэҕиттэн
Оннооҕор бэйэтэ соһуйда.
Биһиги, кырдьык да, биллибэти
Мэлдьитин сөҕө истээччибит,
Өйдөммөттүк саҥарар киһини:
«Оо, өйдөөх да киһи», — диэччибит.
Хайыаххыный, тугу да дириҥник
Хаһан да үөрэппэтэх эрэн,
Хас кураанах дойҕоҕу итинник
Хайгыы да истибэккэҕин эн.