Мин атым түөрт түөрэм туйахтаах
Түргэнтэн түргэнник бардын диэн.
Илиибэр күлүмнэс куйахтаах
Көтүтэн иһэрим, оо, бэрдиэн!
Мин барар суолларым ыраахтар:
Мас кыстыыр сиринэн, кыбыынан.
Иһэр ол утары тыраахтар –
Эмиэ мин элээрдиэм кытыынан.
Туйахтар, түөрт түөрэм туйахтар
Тулабар кыыраһа көтөллөр.
Куйахтар, күлүмнэс куйахтар
Куйаарга кытары көстөллөр.
Сэрииһит атастар ойуурга
Сиэллэрэн кэлэннэр күүтэллэр.
Былдьаһа, oxcyha оонньуурга
Быччыҥнар быыппаста күүрэллэр.
Тоҥ буортан тэбинээт, туйахтар
Тумаҥҥа, буруоҕа саһаллар,
Сабыта түһүүттэн куйахтар
Санныгын, төбөҕүн сабаллар.
Туйахтар, түөрт түөрэм туйахтар
Тулабар кыыраһа көтөллөр.
Куйахтар, күлүмнэс куйахтар
Куйаарга кытары көстөллөр.
Кытаанах киирсиһии түмугэр
Кыайыылаах суох буолан соһутар.
Билигин ким ата түргэнэ
Мин атас дьоннорбун долгутар.
Дьиэлэри туһаайан бараммыт,
Дьэ эбээт, түһүнэн кээһэбит!
Манна да тэҥ курдук барыбыт
Мас кыстыыр сиргэ бу кэлэбит.
Туйахтар, түөрт түөрэм туйахтар
Тулабар кыыраһа көтөллөр.
Куйахтар, күлүмнэс куйахтар
Куйаарга кытары көстөллөр.
Мин атым түөрт түөрэм туйахтаах
Түргэнтэн түргэнник бардын диэн.
Илиибэр күлүмнэс куйахтаах
Көтүтэн иһэрим, оо, бэрдиэн!
Билигин үҥүүлээх-батастаах
Өстөөх дьон манна суох бадахтаах,
Ол эрэн мин көмүс куйахтаах
Көтүтэ сылдьарым наадалаах.
Туйахтар, түөрт түөрэм туйахтар
Тулабар кыыраһа көтөллөр.
Куйахтар, күлүмнэс куйахтар
Куйаарга кытары көстөллөр.