МИН ДЬИЭМ – ААН ДОЙДУ!

«Мин дьиэм – Аан дойду барыта!» – диэн турар Сократ.
Оттон эн саспатыҥ ордук, оннук саҥараат.
Хас киһи хайҕыахтаах үһү төрөөбүт сирин,
Хайдах эн эрэ туора тутуоҥуй бэйэҕин.
Урукку оҥоһуу ситимнэр үрэллэллэр,
Омуктар бары тус-туспа чөкөтүнэллэр.
Соҕотохтуу олорон, сураҕыран иһэн,
Сомоҕолоһуохтара үһү, эн-мин дэһэн.
Улахан, кыра омук диэн суох үһү сиргэ,
Ол, кырдьык, олус үчүгэй истэргэ,
Ол эрэн ол дьон хаһан эрэ кыралары
Тэҥнии саныахтара дуо бэйэлэрин кытары?..
«Мин дьиэм — Аан дойду барыта!» — диэн турар Сократ.
Оттон эн саспатыҥ ордук, оннук саҥараат.
Араас омуктары кытта алтыс, бодорус,
Аатырдар сайдыыларын баһылыырга дьулус!

Перейти к содержимому